ВЭФ-2024: РФ Бэрэсидьиэнэ Саха сирэ уонна Уһук Илин сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактары бэлиэтээтэ
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Уһук Илин инфраструктуратын сайыннарыыга туһуламмыт мунньаҕы ыытта.
Тырааныспар уонна энергетическэй инфраструктура боппуруостара дьүүллэһиллэр тэрээһинигэр Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.
«Владимир Владимирович этиитин энэргиэтикэ сайдыытыттан саҕалаата. Кини Уһук Илиҥҥэ уоту туһаныы биир тэҥ тэтимнээхтик туттулларын, дойду орто көрдөрүүтүттэн үрдүгүн – дойдуга 1,4 %-ҥа тэҥнээтэххэ 3,5 % көрдөрүүлээҕин эттэ. Бэрэсидьиэн энэргиэтикэ салаатыгар бастакы күөҥҥэ турар бырайыактар истэригэр ТЭС тутуутун, ону тэҥэ дизель уматыгынан үлэлиир 270 ыстаансыйаны, ол иһигэр Саха сиригэр уонна Камчаткаҕа саҥардыыны бэлиэтээтэ.
Маны тэҥэ, Уһук Илини сайыннарыыга өссө биир сүрүн соругунан Владимир Владимирович логистиканы тупсарыы, эрэгийиэннэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларын кытта сибээстэһиилэрин ааттаата. Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын олоххо киллэрии суолтатын «бу дьоҥҥо улахан суолталаах, күүтүүлээх бырайыак» диэн өссө төгүл тоһоҕолоон эттэ Владимир Владимирович.
Мунньах кыттыылаахтара үгүс этиилэри киллэрдилэр. “Халыма” уонна “Бүлүү” федеральнай трассалара билиҥҥи туругунан тустаах ирдэбиллэргэ эппиэттээбэттэрин, ону тэҥэ Уһук Илиҥҥэ энергетическэй хааччыйыы эрэллээх буолуутун үрдэтэр боппуруостары комплекснай быһаарыыга болҕомтону туһаайдым», — диэн Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду бырабыыталыстыбатыгар эрэгийиэннэр баһылыктарыттан киирбит этиилэри барытын болҕойон үөрэтэллэригэр, ону быһаарыыга чопчу этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: