ВЭФ-2024: Саха сирин түөрт сэлиэнньэтигэр гибриднэй энергокомплекстары үлэҕэ киллэрдилэр
Бүгүн, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум иитинэн саҥа энерго-эбийиэктэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ-туома телемост кэмигэр ыытылынна.
Уопсайа 3,7 МВт кыамталаах автоматизированнай гибриднэй энергокомплекстар (АГЭК) Өлүөхүмэ оройуонун Урицкайыгар, Дабааныгар, Саҥыйахтааҕар, Томпо Тополинайыгар киирдилэр.
— «Русгидро» ПАУо кытары бииргэ үлэлээн ыраах, кырыы сытар сирдэргэ энергиянан хааччыллыы сайдар, — диэтэ Айсен Николаев.
Саҥа эбийиэктэр сөргүтүллэр энэргиэтикэни туһаныллан оҥороллор. Хас биирдии энергокомплекс үрдүкү көдьүүстээх дизельнэй электростанциялаах, күн күүһүнэн үлэлиир электростанциялаах.
Энергокомплекстар энергосервиснэй дуогабар иитинэн, тутулунна.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3413311
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: