ВЭФ-2024: Юрий Трутнев Бэрэсидьиэн сорудаҕа толорулларыгар эрэннэрдэ
06.09.2024, 16:30
Хаартыска: Кириэмил саайтыттан
Бөлөххө киир:
РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум пленарнай мунньаҕар этиллибит дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудаҕа толорулларыгар эрэннэрдэ.
- — 2030 сылга диэри Уһук Илиҥҥи 2% чэпчэтиилээх ипотека оннунан хаалыаҕа;
- — Уһук Илин уонна Арктика зонатын куораттарын маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ эбии 100 млрд солкуобайы ылыахтара;
- — саҥа «Байкал» сөмөлүөт тутуллуоҕа;
- — 2030 сылга диэри болдьохтоох Уһук Илин энергиянан хааччыйыы бырагырааматын оҥоруохтара.
«Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа сайдыылаах дойдулар былаас уонна биисинэс уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэллэр, чуолаан манна аан дойду үрдүнэн стратегическай суолталаах эрэгийиэн буоларын өйдүүллэр», — диэн Юрий Трутнев бэлиэтээтэ.
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: