Салгыы
ВЭФ кэмигэр барыта 3,8 трлн солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна

ВЭФ кэмигэр барыта 3,8 трлн солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна

Ааптар:
18.09.2023, 11:34
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр барыта 3,818 трлн солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттаммытын туһунан Москваҕа пресс-кэмпириэнсийэҕэ РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ  Юрий Трутнев иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.

«3 трлн 818 млрд солкуобай суумалаах 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна. Бу 3 трлн солкуобайдаах сөбүлэһиилэр барыта олоххо киириэхтэрэ диэбэппит. Мантан «туһалаах бородууктаҕа» тахсыыта» 70% тэҥэ буолуохтаах», — диэтэ кини.

Трутнев этэринэн, ВЭФ үлэтин түмүгүнэн инвестиция үгүс көрүҥүн Амурскай уобалас ылыаҕа — 173 млрд. солк. Итиэннэ  «Уһук Илиҥҥи кыбартаал» үнүстүрүмүөнү тутуһан олорор дьиэни тутууга хас да сөбүлэһии баттанна.

Пуорум хонуутугар Кытай «Шанхай Йа Дзи» хампаанньатын кытта сөбүлэһии түһэрилиннэ. Бу хампаанньа Амурскай уобаласка Арассыыйаҕа бастакынан портовой тэрили оҥорор собуоту тутуоҕа. Приморьеҕа «Русский» инновационнай научнай-технологическай кииҥҥэ технопаарка тутууга, Хабаровскайга Тихоокеанскай судаарыстыбаннай университет баазатыгар үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийиигэ концессионнай сөбүлэһиилэргэ илии баттаспыттара.

Оттон былырыыҥҥы пуорумҥа 3,27 трлн солкуобай суумалаах 290 сөбүлэһиигэ илии баттаспыттар.

Юрий Трутнев этэринэн, ВЭФ-ка 62 дойдуттан 7 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыт. Ол иһигэр, АХШ-ттан, Великобританияттан, Японияттан, Германияттан, Францияттан кыттыбыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: