ВЭФ-2023: Күчүс кластерын сайыннарыыга түөрт өрүттээх сөбүлэһиигэ илии баттаатылар

Share

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Күчүс бырамыысыланнас кластерын бырайыактарын олоххо киллэриитигэр бииргэ үлэлэһии туһунан түөрт өрүттээх сөбүлэһии ылылынна. Докумуоҥҥа РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ, Саха сирин бырабыыталыстыбата, «Росатом» уонна «Селигдар» хампаанньалар илии баттаатылар. 

Кластер биир сүрүн эбийиэгинэн Усуйаана оройуонугар сир үрдүнээҕи кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа буолуоҕа. Соторутааҕыта ыстаансыйа бастакы эбийиэгин — тутааччылар олорор сирдэрин арыйбыттара. Бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ Күчүс кластеры эрэ буолбакка, чугас сытар Усуйаана уонна Дьааҥы оройуоннарын сэлиэнньэлэрин эниэргийэнэн хааччыйыаҕа.

«Бу ыстаансыйа тутулуннаҕына, Саха сирин Арктикатын оройуоннара күүскэ сайдыахтара. Кини бырамыысыланнас эбийиэктэрин үлэтин хааччыйыаҕа, ону таһынан билигин үлэлии турар дизельнай уот ыстаансыйаларын солбуйуоҕа. Итиэннэ чугастыы сытар нэһилэнньэлээх пууннар социальнай уонна логистическэй инфраструктуралара сайдыаҕа, олох хаачыстыбата тупсуоҕа», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Эбийиэк үлэҕэ 2028 сылга киирэрэ былааннанар. Сиһилии сөбүлэһии туһунан сыылканан ааҕыҥ. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

10 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago