ВЭФ-2024: Саха сирэ, Хабаровскай кыраай уонна «Порт Эльга» хампаанньа тимир суол тутуутун бырайыагын туһунан сөбүлэһии түһэристилэр
05.09.2024, 13:36
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирин, Хабаровскай кыраай бырабыыталыстыбалара уонна «Порт Эльга» хампаанньа «Тихоокеанская железная дорога» инвестиционнай бырайыак олоххо киириитин тула сөбүлэһии түһэристилэр.
Докумуоҥҥа СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Хабаровскай кыраай губернаторын э.т. Дмитрий Демешин уонна «Порт Эльга» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Евгений Диев илии баттаатылар.
Чуумпу акыйааннааҕы тимир суол Хабаровскай кыраайга Ванино муора терминалыгар баар «Порт Эльганы» уонна Саха сиригэр баар Эльгатааҕы чохтоох сири ситимниэҕэ. Оччотугар Азиатскай-Тихоокеанскай эрэгийиэн дойдулара чоҕунан хааччыллыахтара.
«Бу сөбүлэһии сүрүн түмүгүнэн Саха сирин экспортнай инникитэ улаатыыта буолар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: