Салгыы
Вейп – оҕо оонньуута буолбатах

Вейп – оҕо оонньуута буолбатах

05.08.2024, 15:52
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ ыччат дьон, бэл, оҕолор электроннай табаҕы тарда сылдьалларын көрөбүт. Аһаҕастык, кимтэн да кистээбэккэ, уулуссаҕа баран иһэн, оннооҕор дьиэ иһигэр тардаллар. Бэл, уончалаах оҕо былаһааккаҕа тардан бусхата олорорун көрбүтүм. Ыччакка вейп муода буолла. Кинилэр “Вейп табах буолбатах, буортута суох” дии саныыллар.

Оннук дойҕоҕу атыыһыттар, маркетологтар тарҕаталлар. “2ГИС” сыһыарыы күн бүгүн Дьокуускайга табаҕы атыылыыр 120 маҕаһыын, электроннай сигаретаны атыылыыр 132 тэрилтэ баар диэн көрдөрөр. Дьэ, бу хайдаҕый? Электроннай сигарета көннөрү табахтааҕар буортута суох дуо? Оҕолор, ыччаттар тардаллара доруобуйаларыгар охсуулаах дуо?

Бу туһунан “Дельта” дьиэ кэргэн килииникэтин кылаабынай бырааһа, педиатр-бы­­раас Варвара Борисованы кытта кэпсэттибит.

“Вейпер ыарыыта”

– Мин доруобуйа туһунан лиэксийэлэри ааҕабын. Кэнники кэмҥэ оскуолалартан “вейп туһунан лиэксийэтэ аах” диэн сайаапкалар элбэхтик киирэр буоллулар. Ол иһин, бу тиэмэни чинчийэн көрбүтүм, үксүгэр дьон электроннай сигаретаны буортута суох дии саныыр эбит. “Табахпын бырахтым, чэпчэки электроннай сигаретаҕа көстүм” дииллэр. Ол эрээри, оннук буортута суох дуо?

АХШ-ка кэнники сылларга билиминэн бигэргэммит, мэдиссиинэ систиэмэтигэр киирбит “вейпер ыарыыта” диэн баара биллибит. 2019-2021 сылларга бу ыарыыттан 68 киһи өлбүтэ бигэргэммит. Бу барыта эдэр дьон. Тыҥа бааһыран, чэрдийэн хаалан, киһи кыайан тыыммакка, эрэйдэнэн өлөр.

Бу ыарыы бастаан хайдах биллэрий? Сөтөлтөн, чалахай тахсарыттан саҕаланар, киһи түөһэ ыалдьар, тыынарга ыарахан буолар, астма курдук архах сөтөл киирэн баран, тахсыбат. Маны тэҥэ, киһи хотуо­луон баҕарар, этэ-сии­нэ иһэр (бүөрүгэр охсор), иһэ-үөһэ булкуллар (сыптарытар, хойууну хатарар). Ол эбэтэр, тыҥа эрэ эмсэҕэлээбэт, уопсай сүһүрүү баран, бастатан туран, ­ыраастыыр-таһаарар уорганнар (быар, бүөр, оһоҕос, хабах) эмиэ ыалдьаллар.

Вейп толору састааба биллибэт

– Вейп састааба көннөрү табахтан туох уратылааҕый?

– Көннөрү табахха никотин, ацетальдегид, формальдегид, бензол, азот оксида, сероводород, изопрен, ацетон, аммиак, барыта 40 канцероген киирэр.

Электроннай сигаретаҕа никотин, глицерин, пропиленгликоль, формальдегид, ацетальдегид, мышьяк, ацетон, о.д.а. бэссэстибэлэри сэргэ, ыарахан металлар (сиби­ньиэс, цинк, алюминий, никель, хорҕолдьун, о.д.а.) бааллар.

Бу формальдегид диэн анатомия хаапыдыратыгар баар өлүктэри, уорганнары харайар убаҕас, наһаа куһаҕан сыттаах буолааччы. Биирдэ сыттаабыт киһи умнубат. Формальдегид тыҥа салахайын бааһырдар, чэр оҥорор.

Ол эрээри, электроннай сигарета састаабын толору билбэппит. Сыты, амтаны күүһүрдэр бэссэстибэлэри таһынан, эбии туох баара биллибэт. Онон аҕыйах сылынан доруобуйаҕа хайдах дьайыа эмиэ биллибэт.

Электроннай табаҕы тардыы киһи тус бэйэтин эрэ эппиэтинэһэ буолбатах. “Геннэй мутация” баран, кэнэ­ҕэски оҕолоругар табах тардарга 25-30% ылларымтыа буолуу үөскүүр. Ол аата оҕолоро эмиэ табах тардарга үөрүйэх, түргэнник ылларымтыа буолаллар. Онон вейпы тардар киһи оҕолорун доруобуйаларын, кэскиллэрин быһар курдук.

– Вейпкэ киһи төһө түргэнник ылларарый? Быраҕарга ыарахан дуо?

– Быраҕара өссө ыарахан буолуон сөп. Тоҕо диэтэр, “геннэй мутация” үөскүүр. Электроннай сигаретаҕа никотин суох дииллэрэ сымыйа. Соннук никотиннаах, ону таһынан өссө дьааттаах бэссэс­тибэлэрдээх. Онон киһи түргэнник ылларар. Буруо оннугар паар буолан, тыҥаҕа өссө куһаҕан дьайыылаах.

Тыҥа чэрдийдэҕинэ (фиброз) уорганнарга, хааҥҥа кислород тиийбэт буолар. Улаатан эрэр оҕо мэйиитигэр, сүрэҕэр, быччыҥар кислород хайаан да наада. Бу тиийбэтэҕинэ, этэ-сиинэ ситэ сайдыбат, үөрэҕи ылыммат, туохха да кыһаммат, куруук никотин дозатын ылар туһунан эрэ толкуйдуур буолан хаалар.

– Вейпы хас сыл тартахха, ыарахан ыарыы үөскүүрүй?

– Киһи-киһи араас, чопчу этэр кыах суох. Төрөппүттэрэ, эһээлэрэ-эбээлэрэ табахтаабыт буоллахтарына, куһаҕан дьаллыкка түргэнник ыллараллар. Манна экология, тугу аһыыра (фастфуд), арыгыны иһэрэ барыта оруоллаах. Онон кимиэ­хэ эрэ түргэнник, кимиэ­хэ эрэ бытааннык үөскүөн сөп. Кэнники үөдүйбүт буолан, содула өссө хас эмэ сылынан биллиэҕэ.

Эбэн эттэххэ, сайын аайы баһаартан хойуу буруо кэмигэр табахтыыр дьоҥҥо икки бүк буортулаах диэн учуонайдар дакаастаан тураллар.

Оҕо тардара – төрөппүт эппиэтинэһэ

– Киинэҕэ, интэриниэккэ электроннай табаҕы тардыы угуйуга элбэх. Ди Каприо, Джонни Депп курдук биллэр артыыстар, рэппердэр тута сылдьан бусхаталлар. Маркетологтар ыччат өйүн сүүйэргэ күүскэ үлэлииллэр. Үчүгэй көстүүлээх, минньигэс сыттаах, элбэх амтаннаах. Туох да буортута суох, сүрдээх муодунай курдук көстөр.

Оҕолорго өйдөтөр үлэни төрөппүттэр эрдэттэн ыытыахтарын наада. Электроннай сигарета көннөрү табахтааҕар өссө буортулаах, тыҥа искэнигэр тиэрдиэн сөп диэн, ойуулары көрдөрө-көрдөрө, сиһилии кэпсиэхтээхтэр. “Мин оҕобун таарыйыа суоҕа” дии саныыр сыыһа. Оҕо оҕону үтүктэр.

Оҕо аһыыра, быһыыта-майгыта уларыйарын, харчытын хайдах барыырын, о.д.а. төрөппүт хонтуруоллуохтаах.

Аны туран, табах тардар киһи сорох идэлэри баһылыыра бобуллар (лүөччүк, авиадиспетчер, үҥкүүһүт, спортсмен, быраас, уо.д.а.). Улахан хампаанньаларга үлэ дуогабарыгар табах тардыа суох­таах диэн суруллар. Тоҕо?

Бастакытынан, доруобуйа­тыгар куһаҕаны оҥорорун өйдөөбөт, бэйэтин кыайан хонтуруолламмат, харыстаммат үлэһит өйдөөх буолара саарбах. Иккиһинэн, баһаар өттүнэн кутталы үөскэтиэн сөп. Маны тэҥэ, күҥҥэ хаста да табахтаан, үлэ чааһын барыыр.

Сорох дойдуларга табахтыыры утарар улахан ыстарааптар бааллар. Холобур, Арабтар Эмираттарыгар уулуссаҕа табахтаабыт киһини 270 тыһ. дуолларга тиийэ, Европа дойдуларыгар 1 тыһ. евроҕа ыстарааптыыллар. Маны билбэккэ, күүлэйдии сылдьан, улахан ыстараапка түбэһиэххэ сөп. Онон табахтыыр киһи элбэх хааччахтары көрсөр. Оттон Финляндияҕа, Швецияҕа табахтаабат үлэһиккэ эбии бириэмийэ төлөнөр. Маны барытын оҕо билиэхтээх.

Артыыс Александр Абду­лов, улуу мультипликатор Уолт Дисней тыҥа искэниттэн өлбүттэрэ. Интэриэһинэйэ диэн, бу кэнниттэн Уолт Дисней хампаанньата таһаарар ойуулуктарыгар аны табахтыыр дьоруойу уруһуйдаабаттар.

Сокуон тугу этэр?

Арассыыйаҕа 2020 сыллаахха 303-с №-дээх саҥа со­­куон киирбитэ. Көҥүллэммэт сиргэ табахтаатахха, бу сокуон 1 чааһын 6.24 ыстатыйатынан 500-3000 солк. ыстараап көрүллэр. Бу вейпы тардыыга эмиэ сыһыаннаах.

Оҕо табахтыыр буоллаҕына, төрөппүтэ эппиэтинэһи сүгэр, кини ыстарааптанар. Элбэхтик ыстарааптаннаҕына, адми­нистративнай кэһии быһыытынан көрөн, оҕону ПДН-ҥа учуокка туруораллар. Бу инники олоҕор мэһэйдэри үөскэтэр.

2023 сыл муус устар 11 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума электроннай сигареталары, вейптэри 18 саастарын туола илик оҕолорго атыылыыры бобор туһунан сокуону ылыммыта.

Оҕолорго атыылаабыт дьон 20-40 тыһ. солк. ыстараап­таналлар. Дуоһунастаах дьоҥҥо ыстараап – 40-70 тыһыынча солк., тэрилтэлэргэ – 150-300 тыһ. солк.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: