“Венера ыарыылара”
Урут бу балыыһаҕа сылдьыы кыбыстыылаах курдук буолар этэ. Ол эрээри, быраас көмөтө суох ыарыы бэйэтэ сүтэн хаалбат, оттон доруобуйаҕа охсуута улахан.
Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерическэй диспансер уопуттаах венеролог-бырааһа Татьяна Скуратованы кытта кэпсэттибит.
Бу диспансер симиэнэҕэ 150 киһини көрөр кыахтаах поликлиниката Богдан Чижик уулуссатын 3 №-гэр баар. Оттон 90 куойкалаах сытар балыыһата уонна лабораторията Покровскайдыыр аартык 6-с №-гэр бааллар. Диспансер мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн оҥорор анал тэрилинэн хааччыллыылаах.
Сүрүннээн аллергодерматоз, экзема, атопическай дерматит, псориаз, себорейнай кератоз, буллезнай дерматоз, пиодермия, микроспория, трихофития, чесотка, о.д.а. тирии ыарыыларынан моһуогурбут дьон кэлэллэр. Диспансерга араас тирии ыарыылаах 500-тэн тахса киһи учуокка турар.
Поликлиникаҕа тирии ыарыылаахтар уонна венерическэй ыарыыларын эмтэтэр дьон биир регистрацияны ааһаллар эрээри, тус-туспа көрүдүөргэ, хосторго көрдөрүнэллэр. Маны тэҥэ, анонимнай кэбиниэт диэн баар, ол туспа ааннаах, регистрациялаах. Манна кэлбит дьон ааттарын кистиэхтэрин сөп.
“Сифилиһинэн ыалдьыы элбээн иһэр”
– Татьяна Михайловна, Дьокуускайга үксүн ханнык венерическэй ыарыылар тарҕаммыттарый?
– Гонорея, хламидиоз, трихомониаз, половой герпес, сифилис ыарыылар элбэхтэр. Маны тэҥэ, туох да сибикини биллэрбэт инфекциялар: микоплазмоз, уреаплазмоз, о.д.а. көстөллөр.
Биһиги бүддьүөт тэрилтэтэ буоларбытынан, сифилиһи, гонореяны, трихомониаһы босхо эмтиибит. Атын ыарыылары булуу, эмтээһин төлөбүрдээх. Венерическэй ыарыылары ПЦР-анаалыһынан булан ылабыт. Биир анаалыстан 6, эбэтэр 12 ыарыыны булуохха сөп. Биирдиилээн ыарыыга да туттарыахтарын сөп.
Хат дьахталлар бары, ону тэҥэ, үлэҕэ, үөрэххэ киирэргэ медосмотрга, балыыһаҕа киирэргэ сифилис анаалыһын туттараллар. Онон маннык систиэмэ баар буолан, ыарыы түргэнник булуллар. Ыарыыны олох баалатан кэбиспит түгэннэрэ сэдэх буолар.
Быйыл гонореянан ыалдьыбыт дьон ахсаана аҕыйаата, ол оннугар сибикитэ суох ыарыылар: хламидия, микоплазмоз, уреаплазмоз, о.д.а. элбээтилэр.
Маны тэҥэ, сифилис ахсаана эбиллибитэ дьиксиннэрэр. Холобур, 2021 сыллаахха биһиги кэбиниэппитигэр кэлбит дьонтон 76 киһи ыалдьыбыт буоллаҕына, 2023 сылга – 146 киһи. Икки төгүл эбиллибит. Манна анонимнай кэбиниэт дааннайдара киирбэтилэр.
– Венерическэй ыарыылар содуллара тугуй?
– Сифилиһи сылы-сыллаан эмтээбэтэххэ, олохсутан кэбистэххэ, киһини инбэлиит оҥорор: сүрэххэ, ньиэрбинэй систиэмэҕэ охсор, бэл, киһи көрбөт, истибэт буолуон сөп. Оннук күүстээх содуллаах.
Оттон гонореяны, хламидиоһу эмтээбэтэххэ, сүрүннээн ууһуур уорганнарга дьайаллар: дьахтар да, эр киһи да кыайан оҕоломмот буолан хаалаллар. Билигин маннык көстүү элбээтэ.
Уопсайынан, оҕолонору былаанныыр пааралар эрдэ кэлэн, анаалыс туттарыахтарын наада. Аан бастаан олорон саҕалыахтарын инниттэн туттараллара ордук, тоҕо диэтэххэ, өскөтүн, кэлин кимиэхэ эрэ ыарыы булулуннаҕына, “миигин таҥнарбыккын” диэн айдаан тахсыан сөп. Оттон, дьиҥэр, бу киһитинээн билсиэн иннинэ ыарыыга сыстан баран, билбэккэ сылдьыбыт буолуон эмиэ сөп. Ыарыы сороҕор туох да сибикитэ суох, саһан сылдьар.
“Ыарыы барыта 100% эмтэнэр”
– Ыарыылар туох сибикилээхтэрий?
– Эр дьоҥҥо ииктиир уорганнара аһыйар, кыһыйар, ыалдьар, сүмэһин тахсар. Дьахталларга истэрин түгэҕэ ыалдьар, ииктиир уорганнара аһыйар, сүмэһин тахсар. Дьахталлар үксүгэр кыра сибикигэ кыһамматтар, тулуурдаахтар, онон баалатан кэбиһиэхтэрин сөп.
– Презерватив бу ыарыылартан 100% харыстыыр дуо?
– Оннук, 100% харыстыыр. Быраас быһыытынан, ыччаттарга сүбэлиэм этэ: арыгы иһэн баран, түбэһиэх киһини кытта харысхала суох сылдьымаҥ. Маннык сылдьыһыы буоллаҕына да, тута кэлэн, бэрэбиэркэлэммит ордук. Презерватив ыарыыттан эрэ буолбакка, былааннамматах хат буолууттан эмиэ харыстыыр.
– Венерическэй ыарыылары антибиотигынан эмтииллэр дуо?
– Оннук. Инфекция буоларынан, антибиотик эрэ кыайар. Манна киһи бэйэтэ эмтэнэ сатыыра букатын сыыһа, быраас эрэ аныахтаах. Тоҕо диэтэр, ханнык ыарыыга хайдах антибиотик ананарын, ханнык дозатын төһө өр иһиллэрин быраас эрэ быһаарар. Сорох ыарыыга сөп түбэспэт антибиотиктар бааллар.
Киһи бэйэтэ “эмтэнэ” сылдьан, өссө куһаҕаны оҥостуон сөп, тоҕо диэтэр, сыыһа эмтэнэн, ыарыыны баттатан кэбиһэр, онтон бу ыарыы кэлин өссө күүскэ көбөн кэлэр.
Биһиэхэ кэлэртэн кыбыстымыахха наада, киһиэхэ доруобуйа диэн саамай күндүтэ буолар. Кыбыстар дьон анонимнай кэбиниэккэ кэлэллэр. Ордук харысхала суох сылдьыһыы кэнниттэн кэлэн бэрэбиэркэлэниэххэ наада. Саамай сүрүнэ, венерическэй ыарыылар бары эмтэнэллэр, киһи толору үтүөрэр.
Ыччат ортотугар ыарыы элбэх
– Үксүн хас саастаах дьон элбэҕий? Эр дьон элбэх дуу, дьахтар ахсаана дуу?
– Үксүн эр дьон кэлэр, тоҕо диэтэр, кинилэргэ ыарыы сибикитэ тута күүскэ киирэр. Дьахталларга үксүн ыарыы сибикитэ биллибэккэ сылдьар.
Саастарынан ыллахха, 20-30 саастаах ыччат араҥата саамай элбэх. Бу кэнниттэн 30-40, 40-50 саастаахтар кэлэллэр, ону тэҥэ, биэнсийэлээхтэр, улаатан эрэр оҕолор да бааллар.
Ыччаттар ортолоругар түүҥҥү кулууп кэнниттэн, арыгы иһэн баран, презервативы туттубакка, түбэһиэх киһилиин сылдьыһыыттан венерическэй ыарыынан сыстыһыы элбэх. Сороҕор кимниин утуйбуттарын да өйдөөбөттөр. Биһиги сыстыһыы төрүөтүн булаары, ол сылдьыспыт киһилэрин эмиэ ыҥырабыт. Үгүстэрэ кэлэллэр, оттон кимин өйдөөбөт буоллахтарына, ол оннук хаалар, салгыы төһө киһини сыһыара сылдьара биллибэт.
– Татьяна Михайловна, эн үлэлиир кэмҥэр ханнык сылларга венерическэй ыарыылар ордук элбэх этилэрэй? Ханнык ураты түгэни ордук өйдөөн хаалбыккыный?
– Биир ыал 3 кыра оҕото гонореянан ыалдьыбыттара. Ыарыы аҕаларыгар баар эбит, эмтэммэккэ сылдьыбыт. Онтон туалет нөҥүө биир оҕотугар сыстыбыт, бу кэнниттэн оҕолор сыстыспыттар. Гонорея мал-сал нөҥүө, гигиенаны тутуспатахха, эмиэ сыстыан сөп. Онон ыалы барыларын эмтээбиппит.
Биллэн турар, ааспыт үйэ 90-с уонна 2000-с сыллар саҥаларыгар ыарыы ордук элбэх этэ. Ол ыһыллыы-тоҕуллуу уонна өй-санаа уларыйыытын, барыта көҥүл буолбут кэми кытта сөп түбэспитэ.
Венерологическай ыарыыларынан ыалдьыы ахсаана
(анонимнай кэбиниэт дааннайдарын киллэрбэккэ туран)
2021 сыл | 2022 сыл | 2023 сыл | |
Сифилис | 76 киһи | 120 | 146 |
Гонорея | 187 | 227 | 176 |
Хламидиоз | 201 | 194 | 248 |
Герпес | 80 | 78 | 74 |
Уреаплазмоз | 227 | 310 | 328 |
Микоплазмоз | 209 | 246 | 244 |
Диспансерга хайдах суруйтарыахха?
Бырааска суруйтарарга: 122 нүөмэргэ эрийэн баран, эбии 1-1-2 баттыыгыт. Маны тэҥэ, “К врачу” сыһыарыы нөҥүө, эбэтэр, регистратураҕа кэлэн, быһаччы суруйтарыахха сөп.
Тэйиччиттэн консультация ыларга: «Облачная поликлиника» сыһыарыы нөҥүө суруйтаран баран.
Регистратура: +7 (4112) 405603.
Анонимнай кэбиниэт: +7 (4112) 405601.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: