Вера Гоголева “Таптыыр Томпом туругурдун!” оһуокайын сэргээҥ

Вера Гоголева “Таптыыр Томпом туругурдун!” оһуокайын сэргээҥ

25.05.2024, 10:15
Хаартыска: Мария Бочкарева.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала, социальнай педагог Вера Романовна Гоголева сайыҥҥа, күөххэ үктэммиччэ суруйбут оһуокайын ааҕыҥ.

Аралыйар кустуктуу,

Алла турар айаннаах,

Анысхан сүүрүүктээх,

Аллан эбэ кытылынан

Тайаан сытар улууспут,

Таптыыр, ахтар Томпобут

Тэриллибит күнүгэр

Түмүстүбүт биир тэҥҥэ

Тоҕуоруһан кэлэммит,

Тутустубут бу бииргэ

Төрүт түөлбэ түстээммит,

Түһүлгэни тэнитэн,

Төгүрүччү сиэттиһэн,

Оһуохайы олохтоон,

Ойуу тылы наардааммыт,

Олук тылы сааһылаан,

Оройуоммут туһунан

Ойо тутан ураннык

Ойуулааммыт туойабыт.

Дьэдьэн уга киэргэллээх,

Отон арааһа оһуордаах,

Чэчик сирэм тэллэхтээх,

Сардааналаах кырдаллаах,

Хатыҥ чараҥ алардаах

Амма өрүс тардыылаах,

Дьүкээбилин суһумугар

Тугутчаана үҥкүүлүүр

Тамайар талыы табалаах

Халлааҥҥа харбаспыт

Туруук таас хайаларынан

Тохтобокко суккуллар

Тоттук Томпо үрэхтээх,

Көмүһүнэн аатырар

Көс Аллан сиригэр

Түргэн Тырыы үрэхтээх,

Хайырҕастаах сүүрүүктээх,

Хаандыга дьикти үрэхтээх,

Таас чоҕунан хатаҕалыыр

Дьабарыкы хайалаах,

Аан дойдуну арҕарар

Айан, аартык суоллара

Аҕыс сиринэн тарҕанар.

Ааллаах Үүҥҥэ тиийэҕин,

Охуоскайы да булларар,

Халыма уһун суолунан

Магадаан айанын тутаҕын,

Көтөр аалы субутан,

Аляскаҕа тиийбиттэрэ.

Байанайбыт тосхойор

Быстыбат быйаҥнаах

Булда-алда да дэлэй,

Көтөр-сүүрэр бу манна

Көҥүл кэлэн көччүйэр,

Көмүс хатырыктаах талбыта,

Күндү сандалы бэлэҕэ-

Күндүөбэйдээх  хатыыһа

Күөллэргэ, үрэхтэргэ

Күөнэхтэнэ оонньуур.

Хочолорго, сыһыыга

Хороҕор муостаах хойунна,

Сыспай сиэллээх тэнийдэ.

Хонуу-хонуу аайытын

Хотуур тыаһа ыллыаҕа,

Харах ыларынан тайыыр

Киэҥ бааһыналарга

Оҕуруот аһа тупсуоҕа

Таптыыр, ахтар бу Томпом

Туруу дьонунан аатырар:

Сиэннэригэр бэриллэр,

Айылҕаттан айдарыылаах

Алаадьыны ааттыыбын,

Хоһуун үлэһит дьоммутун,

Дьоруойдарбыт ааттарын

Охулуопкап Сүөдэри,

Кылааккыны Баһылайы,

Уордьаннаах Бүөтүрү,

Ньукулай Дьэкиимэби,

Салайааччы бастыҥын

Кыычыкын Дьөгүөрү,

Айар уран айылгылаах

Артыыстартан чулуутун

Мөкүрдээнэп Лаврентийы,

Ыстапаанап Дьэкиими,

Саха бары ытыктыыр

Суруйааччыларбытын

Настааны, Даадары,

Ньоймуохабы Дьөгүөрү

Киэн тутта ахтабыт.

Кэнчээрилиир ыччатым

Кэрэ кэпсээн оҥоһуннун,

Умнубакка сүгүрүйдүн!

Аан дойду ааттаахтара:

Бөҕө тустуук уоланнар,

Мадьыны бастыҥа,

Бэргэн кыраҕы харахтаах

Охчут бэрдэ ыччатым,

Аламаҕай майгылаах,

Барыга сатабыллаах

Күн – күбэй ийэлэр,

Далбар мааны хотуттар,

Көмүс куолас ырыаһыт,

Имигэстэй үҥкүүһүт

Манна уутуйан үөскүүллэр.

Томпом сирин таптыыбын,

Киэн тутта ыллыыбын,

Араас омук алтыһар,

Кустук өҥүн оонньотор

Күлүмүрдүү сыдьаайар,

Тупсар, сайдар аналлаах

Томпом сирэ туругурдун,

Кэскилэ кэҥээтин,

Уруйбун уунабын,

Айхалбын аныыбын,

Уруй-туску тутабын!

Вера Гоголева. Дьокуускай, 2024 с.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: