Верхоянскай куоракка инженернэй харысхал тутуута эһиил саҕаланыаҕа
Бүгүн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев эбийиэктэри тутууну уонна саҥардыыны сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕар Дьааҥы улууһун Верхоянскай куоратын инженернэй харысхалын тутуу боппуруоһун ырытта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллар. Миэстэтигэр бары көрүҥнээх — экологическай, геодезическэй, геологическай уонна гидрометеорологическай инженернэй чинчийии түмүктэннэ.
«Бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорууга көннөрүүлэри киллэрэ сылдьабыт. Салгыы сыл бүтүүтүгэр судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааһыаҕа. Саҥа гидравлическай тутуу нэһилиэнньэлээх пууну халаантан харыстыаҕа. Бырайыак чэрчитинэн 9 км тахса уһуннаах, 700 миэтэрэ усталаах ууну ыытар уонна биэрэги бөҕөргөтөр эбийиэк тутуллуоҕа», — диэн экология, айылҕа туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Евгений Перфильев иһитиннэрдэ.
Верхоянскайга инженернэй харысхал тутуутун Юрий Трутнев өйөөбүтэ. РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ 2022 сыллаахха халаан кэнниттэн бу нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийэ сылдьыбыта. Оччолорго онно халаантан 442 олорор дьиэ, 18 социальнай эбийиэк эмсэҕэлээбитэ.
Верхоянскай куорат уонна бу эргин сирэ-уота уһун ардах кэнниттэн өрүү халаантан эмсэҕэлиир. Онуоха Яна өрүс хайалаах сиринэн ааһара уонна килиимэтин уратыта эмиэ улахан оруоллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: