ВИЧ-инфекцияны бопсууга өрөспүүбүлүкэ холобурга сылдьарын бэлиэтээтилэр

Share

Бэс ыйын 6-7 күннэригэр  Дьокуускайга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка ВИЧ-инфекцияны утары охсуһуу дьаһалларын олоххо киллэрии боппуруостарыгар аналлаах научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ буолла.

Уһук Илин үгүс эрэгийиэниттэн кэлбит исписэлиистэр икки күн устата ВИЧ уонна СПИД курдук уодаһыннаах ыарыыны утары охсуһуу стратегиятын дьүүллэһэллэр.

Роспотребнадзор чахчытынан, Арассыыйаҕа ВИЧ-инфекциялаах дьон ахсаана  1 197 410 киһиэхэ тиийдэ (2023 с.). Уһук Илиҥҥэ ыарыы ордук Чукоткаҕа, Камчаткаҕа, Магадан уонна  Амур уобаластарыгар элбэх. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр былырыын аан бастаан ыалдьыбыт дьон ахсаана аҕыйаан, 132 киһи буолбута.

Уһук Илиҥҥэ аан бастаан биллибит ыарыһахтар ортолоругар эр дьон — 56,7%, дьахталлар  43,3% ылаллар.

РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин уонна Москва куорат доруобуйа харыстабылыгар департаменын штаты таһынан сүрүн исписэлииһэ Алексей Мазус:

«Хомойуох иһин, ВИЧ-инфекциялаах ыарыһахтар дойдуга барытыгар бааллар. Онон сибээстээн, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ бу вируһу утары охсуһууга судаарыстыба стратегията  олоххо балачча ситиһиилээхтик киллэриллэр. Биһиги сүрүн сорукпут – ВИЧ тарҕанарын бопсуу. Саха сиригэр ыарыһах ахсаана аҕыйах, хас биирдиилэригэр эмтээһин сөптөөх систиэмэтэ оҥоһуллубут. Нэһилиэнньэҕэ тест, чинчийии, мэдиссиинэ көмөтө  сөптөөхтүк ыытыллар. ВИЧ-инфекциялаах ийэттэн төрөөбүт биир да кырачаан суох”, — диэн  Саха сирэ ВИЧ-инфекцияны утары охсуһар дьаһаллары көдьүүстээхтик олоххо киллэрэринэн холобурга сылдьарын бэлиэтээтэ.

Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара инникитин быһаарыллыыны ирдиир боппуруостарга ВИЧ-инфекцияны сэрэтии бырагырааматын дьоҕус уонна национальнай сирдэргэ тарҕатыыны, эмтэнээччилэри диспансеризация кэтээн көрүүтүгэр ылыыны уо.д.а. киллэрдилэр.

Саха сиринээҕи СПИД-Киин кылаабынай бырааһа Александра Золотарева иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ диспансер учуотугар 1176 ВИЧ-инфекциялаах киһи турар. Кинилэр антиретровируснай терапияны ааһаллар. Былырыын ыарыы арыый элбээбитэ, ыарыыга сыстыы 136 түбэлтэтэ бэлиэтэммитэ. ВИЧ-инфекция Дьокуускайга, Мииринэй, Ленскэй, Алдан, Нерюнгрин уонна Өймөкөөн улуустарыгар ордук тарҕаммыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

1 час ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

2 часа ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

3 часа ago