Видео: 101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Сиэйэҕэ олорор
«Хайдах олороҕун ытык кырдьаҕас? Доруобуйаҥ хайдаҕый, этэҥҥэ дуо?» — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа Сунтаардааҕы олохтоох салаатын сэкирэтээрэ Анатолий Григорьев, баартыйа Сунтаардааҕы ситэриилээх кэмитиэтин сэкирэтээрэ Борис Уларов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Гаврил Еремеев улууска соҕотох сэрии бэтэрээнигэр, Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕор Прокопий Степановка ыалдьыттаатылар.
Кинини улуус баһылыга Кыайыы күнүгэр эҕэрдэлиир, чиэстиир үтүө үгэстээх. 101-с хаарын санныгар уулларбыт кырдьаҕас саллаат итии үүттээх чэйин бэлэмнэтэн, кэтэһэн олорор. Кини бөлүүн түүн долгуйан сүгүн утуйбатах буоллаҕына, бүгүн байыаннай киһи быһыытынан мэтээллэрин түөһүгэр анньынан, ытык бырааһынньыгы өрөгөйдүү көрсөр. Кини санаатыгар мэлдьи эдэр, билигин да дьээбэлэнэн 67-бин аастым диир.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 16 сэрии бэтэрээнэ баар буоллаҕына, Сунтаар улууһуттан төрүттээхтэр үһүөлэр. Ол курдук, Яковлев Пётр Константинович, Григорьев Мартын Герасимович Дьокуускайга олороллор. Кинилэри бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров уонна улуус бэрэстэбиитэлэ Семён Глухарев Кыайыы 78 сылынан эҕэрдэлээтилэр.
Ытык кырдьаҕастар этэҥҥэ буоллуннар, биһиги аттыбытыгар сылдьан, чугас дьоннорун үөрдэ, дьоллуу сырыттыннар. Киэн туттабыт, сүгүрүйэбит!
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: