Видео: 101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Сиэйэҕэ олорор

Share

«Хайдах олороҕун ытык кырдьаҕас? Доруобуйаҥ хайдаҕый, этэҥҥэ дуо?» — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа Сунтаардааҕы олохтоох салаатын сэкирэтээрэ Анатолий Григорьев,  баартыйа Сунтаардааҕы  ситэриилээх кэмитиэтин сэкирэтээрэ Борис Уларов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Гаврил Еремеев улууска соҕотох сэрии бэтэрээнигэр, Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕор Прокопий Степановка ыалдьыттаатылар. 

Кинини улуус баһылыга Кыайыы  күнүгэр эҕэрдэлиир, чиэстиир үтүө үгэстээх. 101-с хаарын санныгар уулларбыт кырдьаҕас саллаат итии үүттээх чэйин бэлэмнэтэн, кэтэһэн олорор. Кини бөлүүн түүн долгуйан сүгүн утуйбатах буоллаҕына, бүгүн байыаннай киһи быһыытынан мэтээллэрин түөһүгэр анньынан, ытык бырааһынньыгы өрөгөйдүү  көрсөр. Кини санаатыгар мэлдьи эдэр, билигин да дьээбэлэнэн 67-бин аастым диир.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 16 сэрии бэтэрээнэ баар буоллаҕына, Сунтаар улууһуттан төрүттээхтэр үһүөлэр. Ол курдук, Яковлев Пётр Константинович, Григорьев Мартын Герасимович Дьокуускайга олороллор. Кинилэри  бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров уонна улуус бэрэстэбиитэлэ Семён Глухарев Кыайыы 78 сылынан эҕэрдэлээтилэр.

@suntaar_ulus

Ытык кырдьаҕастар этэҥҥэ буоллуннар, биһиги аттыбытыгар сылдьан, чугас дьоннорун үөрдэ, дьоллуу сырыттыннар. Киэн туттабыт, сүгүрүйэбит!

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago