ВИДЕО: Анаабырга – икки төбөлөөх таба
Сэбиэскэй да кэмҥэ икки төбөлөөх ньирэй төрөөбүт эҥин диэн сурахтар тарҕанар этилэр. Бүгүн социальнай ситимнэринэн Анаабыр оройуонугар Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки төбөлөөх таба баарын туһунан сурах тилийэ көттө. И.Спиридонов аатынан МУП-ка маннык дьиэктээх таба төрөөбүт үһү.
Маннык биэс ыйдаах таба баарын табаларга күһүҥҥү быһыыны оҥоруу кэмигэр билбиттэр. Онон буоллаҕына, быһа барыллаан ыам ыйыгар төрөөбүт буолуон сөп. МУП дириэктэрэ Роман Туприҥҥа эрийэн кыайан тиийбэтибит.
СИА-ҕа Роман Туприн: «Урут эмиэ дьикти түбэлтэлэр бааллара, холобур, үс туйахтаах табалар төрөөбүттэрэ. Бу билиҥҥи түбэлтэ — ураты көстүү буолар», — диэн иһитиннэрбит.
Сэрэйдэххэ, тоҕо маннык таба төрөөбүтүн үөрэтиэхтэрэ турдаҕа.
Видео, хаартыска: «Анаабыр уоттара» хаһыаттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: