ВИДЕО: Бэйиэт Эдуард Корнилов кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла

Share

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Өлүөхүмэ бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Эдуард Корнилов “Вернусь в родной алас. Уһуктуо уу саха уйулҕам…” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Урукку өттүгэр нууччалыы суруйар, “Саха сирин Есенинэ” диэн аатынан биллэр Эдуард Корнилов хоһоонноро аны сахалыы саҥаран, “Вернусь в родной алас. Уһуктуо уу саха уйулҕам…” кинигэтин хомуурунньугар киирдилэр. Кинигэни М.Д.Ларионова, Ю.А.Корнилова хомуйан  оҥордулар.   Хомуурунньук 200 ахсаанынан, “Сфера издательство” ХЭУо бэчээттэнэн таҕыста.

“Эдуард Корнилов хоһооннорун тылбааһын таһаарар туһунан өссө былырыын толкуйдаабыппыт. Маҥнай соҕотоҕун тылбаастаабытым. Салгыы Наталья Владимировнаттан (Сайаҕа, аапт.) киирии тылын суруйарыгар көрдөспүппэр, тылбаастыырга этии көтөхпүтүн үөрүүнэн ылыммыппыт. Онон кинигэ баай, толору ис хоһооннонно. Уонна бэйиэт сорох хоһооннорун хас даҕаны ааптар тылбаастаата. Маныаха хоһоон сүрүн санаата оннунан хаалла эрээри, рифмата араастаһар, сэҥээрдэр. Тыл күүһэ, литэрэтиирэ баайа диэн маны этэн эрдэхтэрэ” – диэн кинигэ сүрэхтэниитин салайан ыыппыт СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт, Өлүөхүмэ улууһун култууратын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Ларионова бэлиэтиир.

Эдуард Корнилов тыл этэригэр кинигэтин биһирэмигэр кэлбит дьоҥҥо, хоһооннорун сахалыы тылбаастаабыт, кинигэтэ күн сирин көрөрүгэр көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар махталын биллэрдэ.

Кинигэ киирии тылын суруйбут, тылбааһа киирбит СӨ норуотун суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа: “Мин кини хоһооннорун куйаар ситимигэр бастаан көрсө түһээт, долгуйбутум. Нуучча тылынан иэйиилээхтик, киһи кутун-сүрүн баһылыырдыы ураннык, өйүгэр-санаатыгар түһэрдии чопчутук аны айбат буолбуттар диэн саарбах санаам сааскы күн уотугар ууллар хаардыы симэлийэ уостубута, ол оннугар “есениннии” иһирэх тыыннаах уран тыл хатыҥ чараҥа тулабар суугунаабыта. Улуу нуучча бэйиэтэ туойбут толуу хатыҥнара, уот кыһыл кутаанан умайар сарбынньах мас отонноро, бурдук долгулдьуйа үүнэр бааһыналара уйгулаах-быйаҥнаах Өлүөхүмэҕэ улааппыт уонна олорор бэйиэт айымньыларын сүрүн эпитеттэрэ. Ол эрээри, Корнилов эмиэ Есенин курдук, айылҕаны пейзаж эрэ курдук көннөрү суруйбат, кини бу көстүүгэ бэйэтэ бэйиэт быһыытынан сылдьар, кини уйан сүрэҕэ манна долгуйа тэбэр, иэйии-куойуу халааныгар бэринэр” – диэн этэр.

Хомуурунньукка бэйиэт хоһоонноро тылбаастанан киирбиттэрин, саха аныгы поэзиятын батыһан ааҕар дьон бэлэх быһыытынан ылыналлара чахчы. Аны ыытааччы Мария Ларионова бэлиэтээбитин курдук, Эдуард Корнилов хоһооннорун хас даҕаны ааптар бэйэтин көрүүтүнэн атын-атыннык тылбаастаабыта ураты. Мантан хоһоон татымырбат, төттөрүтүн ааҕааччы тутан олорон тэҥнээн, ырытан, ыараҥнатан көрөрүгэр, хоһоону өссө дириҥник өйдүүрүгэр сирдиир уонна эдэр тылбаасчыттарга көмө буолара саарбахтаммат. Холобур, “Подснежник”, “Алас”, “Любите Женщину”, “Якутяночки” о.д.а. хоһоонноро тылбаастаммыттар.

Бэйиэт кинигэтин аатынан буолбут “Алас” диэн хоһооно:

Мой предок, здесь, встречал мои любви рассветы.

Трудился. Жил. И знал печали час.

По-родовым, особенным приметам.

Признаешь ты меня – родной алас.

Тустаах хоһоону Дмитрий Федоров-Оһуохай Уола маннык тылбаастаабыт:

Төрүтүм бу манна тапталтан

Туймааран тойугун туойдаҕа,

Үтүөлүүн-мөкүлүүн алтыһан

Үлэлээн олорон аастаҕа.

Былыргы дьонугар ханыылаан

Билиниэ алааһым сыдьаанын,

Өбүгэ кистэлин арыйан

Өйдөтүө сахалыы куттаахпын.

Эбэтэр эмиэ бу хоһоону Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй маннык тылбаастыыр:

Бу алааска өбүгэм көрсөрө

Таптал уот кыыһар сардаҥатын,

Төрүччүм утума уһуктан

Алааһым, билинниҥ уолгун.

Эдуард Корнилов элбэх хоһооно ырыа буолбутун, киэҥ нэлэмэн Арассыыйаҕа тиийэ биһирээн ыллыылларын бэлиэтээтилэр. Ырыа буолбут элбэх хоһоонноруттан биирдэстэрин мелодист Марианна Макарова гитара доҕуһуолунан толорон, кинигэ биһирэмин ураты, истиҥ тыыннаата.

Манна мустубут ааҕар куттаах дьон, биир дойдулаахтара Эдуард Корнилов — “Саха Есенинин” хоһоонноро салгыы тылбаастана турдуннар диэн эрэнэр, кынаттыыр тылларын, баҕа санааларын анаатылар.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска:
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago