ВИДЕО: Биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолар — Мукучу эр дьонун түмсүүтэ
Саҥа дьыл бырааһынньыгын эрэ иннинэ, Кэбээйи улууһун Мукучутугар биир ыал олбуорун таһын киэргэппиттэрин алдьаппыттарын туһунан видео тарҕанан, үгүс киһи соһуйбута.
Бу видеону көрбүт үгүс дьон олус хомойон, хайдах гынан ыалга көмөлөспүт киһи диэн санааҕа толкуйга түспүттэрэ. Онуоха Мукучу эр дьонун түмсүүтэ бары бииргэ тутуспутунан Ульяна Гаврильева Саҥа дьылга анаан киэргэппит оҥоһуктарын барытын чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Өссө ыал ийэтигэр, нэһилиэк көхтөөх олохтооҕор кэһии тутуурдаах кэлэн үөрдүбүттэрэ.
Мукучу эр дьонун түмсүүтүн туһунан биһиги edersaas.ru саайтка хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Ол курдук кыһыҥҥы тымныыга дьиэлэр, гараж умайан, “Мукучу эр дьонун түмсүүтэ” кыһалҕалаах ыалга дьиэ ис тэрилин атыылаһарга харчынан кыттыһан, сүҥкэн көмөнү оҥорбуттара.
Түмсүү салайааччыта Алексей Кычкины кытары сибээстэһэ сылдьыппытыгар:
— Биһиги түмсүүбүт тэриллибитэ хаһыс да сылыгар барда. Ким-туох кыһалҕалааҕын көрө сылдьан көмө оҥоробут. Күрэхтэһиилэргэ эмиэ харчынан көмөлөһөбүт. Түмсүүгэ Мукучуттан төрүттээх, араас кэмнэргэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыт дьон, ону таһынан күтүөттэр эмиэ бааллар. Бэйэбит бөлөхтөөхпүт, онон куруук кэпсэтэ, сүбэлэһэ олоробут, — диэн кэпсээтэ.
Түмсүү салайааччыта Алексей билигин Дьокуускайга олорор, «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа үлэлиир.
Онон, мукучулар биир сомоҕо курдук түмсүүлээх эр дьонноох буоланнар, биир дойдулаахтарыгар куруук күүс-көмө буола олороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: