Хаартыска: видеоттан скрин
Амма улууһун Чакыр сэлиэнньэтин олохтоохторо соҕотох туруйа туоһуларынан буоллулар уонна социальнай ситимнэринэн сэдэх көстүүнү видеоҕа уһулан тарҕаттылар. Туруйа үөһээ Айыылары кытта ситимнээҕин, араҥаччылыыр аналлааҕын итэҕэйээччи элбэх. Ол курдук, соҕотох туруйаны бэлиэтии көрбүттэр дьоллоох буолаллар, диэн Лидия Свинобоева «Амма олоҕо» хаһыакка суруйар.
Туруйалар, кыталыктар… Саха киҺитин кулгааҕар чугастык, сылаастык да иһиллэр көтөрдөр. Ол да буоллар, бу сир үрдүгэр биҺиги эрэ кинилэри, туруйалары, таптыыр, сүгүрүйэр буолбатах эбиппит, туруйа аан дойду үрдүнэн ытык көтөр, араас дойдуларга туруйа бииһигэр үҥэллэр-сүктэллэр, таҥара кыылыгар тэҥнииллэр. Сорохтор кинилэри ырайтан көтөн кэлэллэр дии саныыллар. Туруйаллар мээнэ сирдэринэн сылдьыбаттар, сибэтиэй, ытык эбэтэр иччилээх сирдэринэн айанныылллар, көтөллөр диэн тойоннууллар.
Туруйа биҺиэхэ, Саха сиригэр, төрөөбүт дойдутугар саамай урутаан хаардаахха кэлэр уонна эрдэ төннөр. Атырдьах ыйын ортотуттан туруйалар үөрдүҺэн бараллар, соҕуруу сылаас дойдуларга барарга бэлэмнэнэллэр. Биирдэ өйдөөбүтүҥ сир-дойду иччитэхсийбит курдук буолар, ол аата туруйалар төрөөбүт дойдуларын хаалларан барбыттар. Туох эрэ күндүнү, чугаҺы сүтэрбит курдук киҺи сананар буолара, Кэбээйигэ эрдэххэ. Билигин хайдаҕын билбэтим, урут биҺиги Кэбээйигэ олоро сылдьыбыт кэммитигэр, 30-40 сыллааҕыта, онно туруйа көтөр дойдута этэ. Дэриэбинэбититтэн, Лүксүгүнтэн, кыратык тэйэ түстэргин эрэ тулаҥ туруйа саҥатынан-туруктуурунан туолара. Дурдаҕа сыттахха чугастааҕы маардарга туруйалар күн тахсыытын уруйдуур хаҺыыларын мелодията истэргэ кэрэ да буолара… Туруйа үгүс дойдуларга эрэллээх буолуу (верность), үчүгэй майгы-сигили бэлиэтэ, сорохторго уҺун дьоллоох олоҕу мэктиэлиир.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Покровскайтан Улар МОИСЕЕВ.
СӨ Борокуратууратын сорудаҕынан Хаҥалас оройуонун борокуратуурата социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт иһитиннэриинэн Мохсоҕоллоохтооҕу инфекционнай отделение балыыһатыгар санитарнай…
Саха сиригэр быйыл Саха сирин Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит үлэ династияларын чиэстээһин тэрээһинэ буолла. Үөрүүлээх сиэри-туому…
Ыам ыйын 1 күнүн, Маай бырааһынньыгын, алданнар субуотунньуктаан көрүстүлэр. Бу сылга үгэскэ кубулуйбут миитиннэр уонна…
Бэҕэһээ, муус устар 30 күнүгэр, Амма улууһун Амма гидропоһун аннынан Амма өрүс эһиннэ, тус хоту…
СӨ Успуорка министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ыам…
Быйыл ыам ыйын 1 күнүттэн “Дальний Восток – земля приключений” Бүтүн Арассыыйатааҕы айан үһүс куонкуруһугар…