ВИДЕО: Дьокуускайга Онкология киинэ үлэтин саҕалаата

Share

Олунньу 7 күнүгэр Дьокуускайга Онкология саҥа киинэ үлэҕэ киирбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. Тэрээһин сахалыы алгыһынан саҕаланна.

Онкология киинэ дойду аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыс­табыла” национальнай быра­йыагын иһинэн “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн тутулунна.

Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев бу бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлэс­пит дьоҥҥо барыларыгар махтанна.

“Үрдүк технологиялаах көмөнү миэстэтигэр ылыахтара”

«Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 2 күнүгэр Томскайга уонна Уфаҕа онкология диспансердарын аһыыны сэргэ, биһиги диспансербыт аһыллыытыгар видео­сибээһинэн кыттыбыта. Кини бу түгэни онкология көмөтө табыгастаах уонна көдьүүстээх буоларын үрдэтиигэ улахан хардыынан ааттаабыта.

Мин өр сыллар тухары  диспансер тутуутун турууласпыт, саҕалаабыт уонна олох кылгас кэм иһигэр, судургута суох усулуобуйаҕа тутууну түмүктэспит дьоҥҥо олус махтанабын. Улахан махталбытын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа этэбит. Билэрбит курдук, бу уодаһыннаах ыарыы бириигэбэр курдук иһиллэрэ. Билигин саҥа Кииннэнэн, ыарыһаҕы эмтээһин көдьүүһэ тосту уларыйарыгар эрэнэбин. Сүрүнэ, ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэттэн атын сиргэ барбакка эрэ, онкология үрдүк технологиялаах көмөтүн миэс­тэтигэр ылар буолуохтара”, – диэтэ Ил Дархан.

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова кытынна уонна Дьокуускайга Онкология саҥа киинин тутуу боппуруоһа  хайдах саҕаламмытын кэпсээтэ.

Үрдүк категориялаах онколог-хирург, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх бырааһа, онкология сулууспатын бэтэрээнэ Татьяна Мигалкина эҕэрдэтин ытыс тыаһынан көрүстүлэр.  Кини олус күүппүт түгэнэ тосхойбутуттан долгуйан сиргэ бокулуоннаан ылыан баҕарбытын туһунан уонна онкология диспансера аһыллыаҕыттан үлэлээбит бэтэрээннэри ахтан-санаан ааста.

Отделениелар олунньуга түһүмэҕинэн аһыллыахтара

Онкология киинин сүрүн бырааһа Татьяна Николаева 1996 сыллаахха үрдүк үөрэҕи бүтэрээт да, тута бу диспансерга  үлэлии кэлбитэ.  Түмсүүлээх кэлэктиип, бэтэрээннэр кини­лэри үлэлииргэ эрэ буолбакка, олох олорорго, мындыр быһаарыныылары ылынарга үөрэппиттэрэ.

“Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит, эһиги онкология сулуус­патын бигэ тирэҕинэн буолаҕыт. Түмсүүлээх кэлэктииппит саҥа дьиэҕэ көһөн, онкология сулууспата сайдарыгар бары күүспүтүн ууран туран үлэлиэхпит. Сытар отделениеларбыт олунньуга түһүмэҕинэн аһыллыахтара. Биһиги сүрүн сорукпутунан саҥа дьиэбитин кырасыабай эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбитигэр саамай инники иһэр, үрдүк технологиялаах киининэн оҥоруу буолар. Эмтэнээччилэрбит дьиэ-уот киэҥиттэн уонна үрдүк технологиянан сэбилэммититтэн үөрэллэриттэн биһиги эмиэ олус долгуйабыт. Кырдьыга да, Кииммит олус улахан, 500-тэн тахса мэдиссиинэ тиэхиньикэлэннибит, онон түһүмэҕинэн көһүөхпүт”, – диэн инники былааннарын үллэһиннэ.

Оттон поликлиника хайыы үйэ бастакы ыарыһахтары көрөн саҕалаата.

Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Уһук Илиҥҥэ суох томограбынан үлэлиэхтэрэ

Ыарыһахтар эмтэнэллэригэр   үчүгэй усулуобуйа тэриллибит. Балааталар  биирдии-иккилии миэстэлээхтэр, толору хааччыллыылаахтар.

Манна дойду үрдүнэн тарбахха баттанар мэдиссиинэ хас да тэрилин аҕалан туруордулар. Олортон биирдэстэринэн  киһи ис уорганнарын сөкүүндэҕэ хаста да  түһэрэр көмпүүтэр томограба буолар. Бу томограф – бүтүн Уһук Илин үрдүнэн соҕотох, Москваҕа уонна Санкт-Петербурга эрэ баар. Спектральнай томограф искэни эрдэ быһаарар кыах­таах, ону таһынан көннөрү көмпүүтэр томограбынан көстүбэт искэни көрөргө улахан туһа­лаах. Онон, үрдүк технологиялаах тэриллэр ыарыыны кэмигэр быһааран көдьүүстээхтик эмтииргэ көмөлөһүөхтэрэ.

Санаалар

Лена Афанасьева, СӨ доруо­буйа харыстабылын миниис­тирэ:

– Бүгүн онкологтар үгүс көлүөнэлэрэ уонна, биллэн турар, ыарыһахтар күүппүт үөрүүлээх күннэрэ үүннэ. Бу сырдык, ыраас, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ аан бастаан киирэн баран,  үчүгэй эрэ са­­нааларга куустарбыппыт. 

Онкология киинэ аһылларыгар элбэх күүс-уох уурулунна. Исписэлиистэр бары саҥа тэриллэргэ үлэ­лииргэ хайыы үйэ үөрэннилэр. Быраастар Киин мэдиссиинэ тэрилинэн сэбилэниитин үрдүктүк сыаналыыллар. Кырдьыга да оннук. Холобур, көмпүүтэр томограба искэн ыарыытын эрдэ уонна чопчу булар кыахтааҕа эмтээһин көдьүүстээх буоларыгар туһалыаҕа. 

Татьяна Мигалкина, үрдүк категориялаах онколог-хирург, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх быраа­һа, онкология сулуус­патын бэтэрээнэ:

– Бүгүн биһиэхэ олус күүтүүлээх, нэһилиэнньэҕэ наадалаах Онкология саҥа киинин аана аһылынна. Кистээбэккэ эттэххэ, хараҕым ууланан, улаханнык долгуйдум. Онкология сулууспатын атын да бэтэрээннэрэ  устуо­руйаҕа киирэр кэмҥэ тии­йэн кэлбиттэриттэн олус дьоллоохпун. Сүрүнэ – онкология диспансерын сүрүн хирурдарыгар, салайааччыларыгар тиийэ үүммүт бэйэм үөрэнээччилэрбинэн киэн туттабын. Кинилэр аан дойду ыстандаартынан үлэлиил­лэр. Диспансер онкологтара улаханнык эрэнэр эдэр кэскиллээх исписэлиистэри үүннэрэн таһаарбыт настаабынньыктарынан буолбуттара кэрэхсэбиллээх.

Александр Осипов, быраас­тар династияларын салҕааччы, абдоминальнай онкология отделениетын онколог-хирура:

– Мин быраастар династияларын утумнааччыларынан буолабын. Мэдиссиинэ институтун бүтэрбитим,  килинии­чэскэй ординатураҕа  хирургияҕа  үөрэммитим уонна  Онкология киинигэр каадырдары бэлэмниир тус сыаллаах бырагырааманан онкологияҕа  бастакы сүһүөх хос бэлэмнэниини ааспытым. Биһиги, эдэр онкологтар, настаабынньыктарбыт салайыыларынан онкология ыарыыларын утары охсуһууга бэйэбит кылааппытын киллэрэргэ бэлэммит.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эппитинэн, Киин штата 1002 киһиэхэ диэри улаатта. Ординатура бырагырааматынан 28 быраас бэлэмнэннэ. Маны таһынан, 144 исписэлиис Онкология бастыҥ кииннэригэр баран эбии үөрэннэ, 23 киһи  тас дойдуга тахсан үөрэннэ.  Мэдиссиинэ 8 физига, 7 радиотерапевт баар буоллулар.   М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинэҕэ институтун  онкологияҕа  кафедратын базатыгар  2019 сылтан 22 онколог ординатураҕа үөрэннэ. Саҥа Киин  штатын улаатыннарыы  эмиэ дойду баһылыга көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагар олоҕуран ыытылынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Култуура
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

29 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago