Салгыы
ВИДЕО: Дьокуускайга саҥа килиип сүрэхтэниэ

ВИДЕО: Дьокуускайга саҥа килиип сүрэхтэниэ

02.11.2024, 15:30
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Киин куоракка Национальнай гимназия саалатыгар Ырыа Саарын «Күн көрө» диэн саҥа килиибэ сүрэхтэниэ.

Саҥа килиип Былатыан Ойуунускай 1926 сыллаахха илбистээх-иччилээх, ханалытыылаах-кистэлэҥнээх тылынан суруйбут, биллиилээх этно-ырыаһыт, Саха сирин үтүөлээх артыыһа Валентина Романова-Чыскыырай муусукатыгар Олоҥхо тыйаатырын уонна Эстрада тыйаатырын артыыһа Ырыа Саарын толоруутугар тыыннаныа.

Тэрээһини күнүс 17.00 чаастан Саха тэлэбиидэнньэтин туйгуна Георгий Белоусов иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Төрөөбүт дойдуга тапталы уһугуннарар истиҥ ырыаны Ырыа Саарын толорор.

Саҥа килииби устубут бөлөҕү бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна инникитин өссө кэрэ ырыалары дьонноругар-сэргэлэригэр бэлэхтии туралларыгар баҕарабыт!

+1
8
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: