ВИДЕО: Дьонтон толлубат, боотургуох көрүҥнээх эһэ

“Булчуттар бүгүн ытынан суоллаан көрүөхтэрэ”, — диэтэ баһылык
Тоҕо эрэ кэлиҥҥи кэмҥэ эһэ нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар сылдьарын устубут видеолар үксээн иһэллэр. Бу сырыыга видеоҕа Өлүөхүмэ улууһун 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгин таһыгар сылдьар тыатааҕыны уһулбуттар. Көрдөххө обургу улахан эһэ, өссө уста турар дьоҥҥо боотургуох, толлубут быһыыта суох көрүҥнээх. Манныкка сатыы хаама сырыт эрэ.
Биһиги нэһилиэк баһылыга Михаил Терентьевкэ төлөпүөнүнэн эрийэн, туох быһаарыныыны ылынан эрэллэрин ыйыттыбыт.
“Эһэни ытарга лицензиябыт баар, булчуттар бүгүн ытынан суоллаан көрүөхтэрэ, — диэтэ баһылык. – Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр былырыыҥҥы оҕону бултаабыттара, оттон бу сылдьааччы арыый улахан. Саас олох улахан биир эһэни эмиэ өлөрөн тураллар. Билигин иссэ сылдьар кэмнэрэ, ол иһин боотургууллар”.
Михаил Андрианович этэринэн, тыатааҕы 1-кы, 2-с Нөөрүктээйилэр, Абаҕа диэкинэн биэс сылтан бэттэх элбээбит.
“Дьиҥэр оннук улахан ойуур баһаара суох, арай гаас, ньиэп турбаларын тардалларыттан үргэн кэлэр буолуохтарын сөп”, — диир баһылык.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: