Горнай улууһун Маҕараһыттан төрүттээх Дьулустаан Ноговицын иккис төгүлүн «Чөмпүйүөн Куубагын» кыайыылааҕын үрдүк аатын сүктэ. Кини сэттэ көрүҥ түмүгүнэн аҕыс боотуру кэннигэр хаалларан бастаата.
«Чөмпүйүөн Куубага» олунньу 17 күнүгэр Уус Алдан Бороҕонугар ыытылынна. Былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларын» түмүгүнэн аҕыс бастыҥ бөҕөс күрэхтэстэ.
Улахан бириистэри таһынан, быйылгы «Дыгын оонньууларыгар» кыттарга түөрт путевка оонньонно. Путевкалары түөрт бастыҥ көрдөрүүлээх Дьулустаан Ноговицын (Горнай), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү) уонна Яков Дмитриев (Кэбээйи) ыллылар.
Быйылгы турнир Уус Алдан улууһун баһылыгын бирииһигэр диэн ыытылынна уонна өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай хамсааһыны саҕалаабыт Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.
Күрэхтэһиини сиһилии Максим Тихонов видеоблогар көрүҥ:
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…