ВИДЕО: Өлүөхүмэ куорат таһынан оҕолордоох эһэ сылдьарынан нэһилиэнньэни сэрэттилэр
10.05.2024, 15:57

Хаартыска: Видеоттан скрин.
Бөлөххө киир:
Үҥкүр сэлиэнньэтин уонна Өлүөхүмэ куорат икки ардынан суол кытыытынан оҕолордоох эһэ сылдьар, сэрэхтээх буолуҥ диэн Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала суруйар.
“Тустаах сиринэн дьаарбайа тахсартан туттунуҥ, кыыллары аһатымаҥ уонна чугаһаамаҥ. Оҕотун көмүскүүр эһэ олус кутталлаах” – диэн сэрэтэллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта Абаҕас сэлиэнньэтин үрдүнэн эһэ сылдьарын көрбүттэр, оҕолор похуоттуу тахсымаҥ диэн социальнай ситиминэн тарҕаммыта. Онтон иллэрээ сыл I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр эһэ ынахха саба түспүтүн туһунан саайтыпытыгар суруйан турабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: