ВИДЕО: Хара кыталыктар дьолго көстөллөр дуо?
Саха сирин олохтооҕо хара кыталыктар үҥкүүлэрин видеоҕа устубута социальнай ситимҥэ тарҕанна. Кыталык үҥкүүтүн толору дьоллоох киһи көрөр диэн итэҕэл баар.
Сунтаар улууһуттан төрүттээх булчут Бүөтүр Павлов санаатын үллэһиннэ:
— Бу видеону көрдөхпүнэ арааһа хара кыталыктар быһыылаах. Ааптар ханна устубута биллибэт. Кыталыктар, туруйалар биһиэхэ, Саха сиригэр, кэлин Уус Алдан улууһугар тохтоон ааһар буолбуттарын бэлиэтии көрөбүн. Мин урут 1998 сыллаахха Кэҥкэмэ диэки кыталыктар үҥкүүлүүллэрин көрөн турардаахпын. Саха итэҕэлинэн, кыталыктар үҥкүүлэрин көрбүт киһи дьоллоох буолар дииллэр. Хара кыталык биһиэхэ ураты, дэҥҥэ көстөр көтөр. Онон бу көтөрдөрү көрбүт киһиэхэ дьол тосхойоро буолуо дии саныыбын. Иллэрээ сыл Кэҥкэмэ күөллэригэр икки куба, икки туруйа хойуккааҥҥа диэри сылдьыбыттара. Күһүөрү туруйалар төрдүө буолбут этилэрэ. Оттон кубалар суохтара. Ол аата киин улуустарга бу көтөрдөр сымыыттыыр буолан эрэллэр эбит дии санаабытым.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: