ВИДЕО: Хоту Кэбээйи улууһугар дьаабылака саада силигилиэҕэ

Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтигэр «Албан аат» искибиэргэ дьаабылака мастарын олортулар. Бу туһунан Дабаан.рф саайта иһитиннэрдэ.
Бу үтүө дьыаланы көҕүлээччинэн Мукучу нэһилиэгин дьаһалтатын өйөбүлүнэн бибилэтиэкэ тиһигин бэтэрээнэ Мария Варламова буолар.
Быйыл саас Мария Варламова олохтоох нэһилиэнньэ уонна дьахтар сүбэтин көмөтүнэн дьаабылака мастарын атыыласпыт. Бу аахсыйа Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыы 80 сылыгар ананар уонна сайдыы бэлиэтинэн буолар.
«Бу идиэйэ олоххо киириитигэр көмөнү оҥорбут бар дьоммутугар улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын!», – диир Мария Варламова. «Дьаабылака мастара Сайылык сэлиэнньэтин олохтоохторун кэрэ көстүүлэринэн, минньигэс дьаыбылака аһынан өр сыллар устата үөрдэ туруохтара диэн эрэнэбин», — диир Мария. Олохтоохтор саҥа дьаабылака саада дьон-сэргэ сынньанар сөбүлээн сылдьар сиринэн, Сайылык сэлиэнньэ ытык сиринэн буолуо диэн эрэнэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: