Хаартыска: видеоттан скрин
Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтигэр «Албан аат» искибиэргэ дьаабылака мастарын олортулар. Бу туһунан Дабаан.рф саайта иһитиннэрдэ.
Бу үтүө дьыаланы көҕүлээччинэн Мукучу нэһилиэгин дьаһалтатын өйөбүлүнэн бибилэтиэкэ тиһигин бэтэрээнэ Мария Варламова буолар.
Быйыл саас Мария Варламова олохтоох нэһилиэнньэ уонна дьахтар сүбэтин көмөтүнэн дьаабылака мастарын атыыласпыт. Бу аахсыйа Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыы 80 сылыгар ананар уонна сайдыы бэлиэтинэн буолар.
«Бу идиэйэ олоххо киириитигэр көмөнү оҥорбут бар дьоммутугар улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын!», – диир Мария Варламова. «Дьаабылака мастара Сайылык сэлиэнньэтин олохтоохторун кэрэ көстүүлэринэн, минньигэс дьаыбылака аһынан өр сыллар устата үөрдэ туруохтара диэн эрэнэбин», — диир Мария. Олохтоохтор саҥа дьаабылака саада дьон-сэргэ сынньанар сөбүлээн сылдьар сиринэн, Сайылык сэлиэнньэ ытык сиринэн буолуо диэн эрэнэллэр.
Саха тыйаатырын артыыһа Василий Борисов уһуллубут "Красный шелк" киинэ Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар көстөн саҕалаата.…
Бүгүн, бэс ыйын 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар кыралаан ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр…
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…