Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, муус оҥоһуктарга аан дойду таһымнаах маастар Архип Скрябин бу күннэргэ сахалыы халандаарынан 2025 сыл Айыытын – Иэйиэхсит Хотуну муустан кыһан оҥордо.
Үчүгэйкээн муус оҥоһук Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин “Айыллаан” култуура киинин биир бастыҥ киэргэлэ буолла.
Архип муустан скульптуралары оҥоруунан дьарыктаммыта сүүрбэччэ сыл буолбут. Аҕыйах хонуктааҕыта “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн куонкуруска кыттаннар, хаар оҥоһуктарга бастаабыттар, муус оҥоһукка анал аат ылбыттар. Былырыын Николай Петровтыын хаарга 2 миэстэ, муус оҥоһукка 1 м. ылбыт эбиттэр.
Архиптаах Николай ахсынньы 30 күнүгэр Кытай Харбин куоратыгар көтөөрү сылдьаллар. Онно тохсунньу 2 күнүттэн муус, хаар оҥоһуктарга аан дойдутааҕы куонкурус ыытыллыахтаах. Былырыын манна эмиэ кыттаннар, муус оҥоһуктарыгар 2 миэстэни ылбыттар, хаарга анал аакка тиксибиттэр.
“Саха сириттэн 5-6 хамаанда сайаапка биэрбит буолуохтаах, онтон талан ылаллар, — диир Архип. – Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта 5-6 хамаанда буолааччыбыт. Куонкуруска кытта Перуттан кытта кэлээччилэр”.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…