ВИДЕО: Кэллиэс устудьуоннара байыастарга саха быһахтарын бэлэх ыыттылар

Share

Олунньу 10 күнүгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрдөһүүлэринэн Дьокуускайдааҕы «Айар Уустар» креативнай индустрия кэллиэһин устудьуоннара саха быһахтарын оҥорон ыыттылар.

Байыастар сакаастарын Дьокуускайдааҕы «Айар Уустар» Креативнай индустрия кэллиэһин устудьуоннара толордулар диэн кэллиэс пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сэттэ саха быһаҕын оҥорууга устудьуоннары Арассыыйа норуодунай маастара, кэллиэс маастара Роман Готовцев-Мындыр Уус салайда.

Уолаттар байыастарга доруобуйаны уонна этэҥҥэ дойдуларыгар Кыайыылаах эргиллэн төннөллөрүгэр баҕа санааларын тиэртилэр. «Биһиги этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэргитин кэтэһэбит. Уруй буоллун эһиэхэ!». – диэтэ Роман Готовцев-Мындыр Уус.

“Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһэ уу сахалыы ааты ылынан, саҥалыы тыыннанан, аныгы идэлэргэ устудьуоннары бэлэмниир. Кэллиэс үлэтин туһунан сиһилии  манна аах.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Саһарбыт страницалар: 80 сыл анараа өттүгэр

80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…

18 минут ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

2 часа ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

3 часа ago