ВИДЕО. Киин куоракка эр киһи өлүгэ булулунна
18.01.2025, 09:15
Хаартыска: Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Тохсунньу 17 күнүгэр киэһэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир уорганнарыгар киин куоракка Дзержинскай аатынан уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ таһыгар эр киһи өлүгэ булуллубутун туһунан иһитиннэрии киирбит.
Бу чахчынан Дьокуускай куорат Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин управлениетын силиэстийэлиир отдела процессуальнай бэрэбиэркэни тэрийдэ. Быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр силиэстийэлиир-суһал бөлөх тахсан үлэлээтэ. Өлбүт киһи лиичиниһэ билиннэ — 1976 с.т. эр киһи. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн сокуон быһыытынан сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа, диэн СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
+1
+1
2
+1
+1
+1
7
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: