Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит.
“Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ, атын социальнай ситимнэргэ дьон куукуланы оҥороллорун көрө-көрө олус ымсыырар этим, — диир Полина Захаровна. — Арай биирдэ куукуланы хайдах оҥорорго үөрэтэр хас да сигэни арыйан көрөөт да, ылсарга санаммытым. Бастаан бэйэбэр туох баарын көрдөөтүм, өҥнөөх баатам, акриловай кырааска, боробулуохам да суох. Ол да буоллар санаабын түһэрбэтим, крахмалы итии ууга булкуйан клейстер оҥоһуннум, фольганы, аптекаттан боростуой баатаны атыылаһан, бэйэбэр сиэрис таҥас, валяние кырадаһына таҥас баара, дьэ уонна утаппыт курдук дьарыктанан киирэн барбытым. Валберистан молд – куукулалар сирэйдэрин сакаастаатым, ситинник ааспыт сыл олунньу-кулун тутарын диэки саҕалаабытым.
Биир куукуланы урут нэдиэлэ устата оҥорор эбит буоллахпына, билигин үһү тэҥинэн саҕалыыбын. Биир куура турар кэмигэр иккиһи оҥоробун, кууралларынан көрөн кырааскалыыбын. Каркааһын боробулуохаттан оҥоробун, илиитин, төбөтүн сымнаҕас, атаҕар кытаанах боробулуоханы туттабын. Боробулуоха тула баатаны килиэйдии-килиэйдии эрийэн иһэҕин. Таҥаһын эмиэ баататтан таһаараҕын, илиим хайдах барарынан таҥыннарабын, ол кэннэ биирдэ илиитин-атаҕын токурутабын, сирэйдэрин сыһыарабын, ол кэннэ хатарабын. Дьэ ол кэнниттэн кырааскалыыбын”.
Билигин Полина Захаровна кэллиэксийэтигэр 50-ча куукулалаах. Инньэ гынан быйыл анаан-минээн улахан харыйа атыыласпыт. Аны угар хоруопката сөп буола-буола улаатан иһэр.
“Бэйэм үҥкүүгэ сылдьабын, онон сахалыы таҥастаах, хотугу таҥастаах пааралардаахпын, вальстыы сылдьар саллааттаахпын уонна халлаан күөх былааччыйалаах кыыстаахпын, сэбиэскэй кэмнээҕи оҕолору сөбүлээн оҥоробун, сахалыы сонноох кыыһы оҥорон баран, аны уолун оҥордум, медик кыыстаахпын. Сороҕор куукулаларым хаппырыыстанан тураллар. Итини кэппэппин, атыннык таҥыннар диэх курдук гыналлар, оччоҕо уларытан биэрэбин. Тоҕо эрэ наар оҕолору оҥоробун, биир эрэ куобахтаахпын. Сороҕор бэйэбиттэн бэйэм күлэбин, кыра оҕо курдук куукуланан оонньуу олорорбун санаан”, — күлэ-күлэ кэпсиир.
Полина Захаровна билигин Хатас кулуубугар баҕалаах дьоҥҥо маастар-кылаас ыыта сылдьар. Дьэ кырдьык, саха сатаабата суох.
Хаартыскаҕа: Полина Ефремова сиэннэрин кытта.
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар…
Бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайан, балаһыанньа кытаата сырытта. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы…
«Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий…
2024 сылга саха киинэтэ рекорд олохтоон, кассовай хомуур 157 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу манна улахан…
Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…