Салгыы
ВИДЕО. Күүтүүлээх «Таҥха» ойуулук трейлера таҕыста

ВИДЕО. Күүтүүлээх «Таҥха» ойуулук трейлера таҕыста

Ааптар:
22.01.2025, 12:15
Хаартыска: «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер саайта
Бөлөххө киир:

«Тундра» саха анимационнай устуудьуйата «Таҥха» ойуулук кылгас трейлерын таһаарда. Бу туһунан «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер саайта иһитиннэрэр.

Бу Саха сирин култууратын туһунан сырдатар ойуулук үһүс таһаарыыта буолар. Ол курдук, устуудьуйа эрдэ таһаарбыт «Тымныы оҕуһа» уонна «Муҥха» айар көрдөрүүлэрин сүрүн дьоруойдара Айаал, Ньукку уонна Мичил таҥха кэмигэр мистиканы кытта алтыһаллар.

Устуудьуйа үлэтин сүрүн сыалынан анимацияҕа Хотугу сир култууратын баайын, эгэлгэтин билиһиннэрии уонна Саха сиригэр анимация индустриятын сайыннарыы буолар. «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер резиденэ «Тундра» анимация устуудьуйата 2023 сыл муус устарыгар «Startup Village» диэн Сколково пуонда стартаптар ортолоругар ыыппыт куонкуруһугар иккис миэстэ буолбута. Устуудьуйа төрүттэммитин кытта тута «Һөҕүҥ» арт – видеону таһаарбыттар. Оттон муус устарга – «Тымныы оҕуһа” диэн кылгас миэтэрэлээх 3D — ойуулук тахсыбыта.

«Саха сиригэр анимация сайдыытыгар ураты болҕомто ууруллар уонна «СӨ креативнай экэниэмикэтин сайыннарыы туһунан» Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕар биир сүрүн соругунан буолар. Ол курдук, 2024 сылга биһиэхэ рекорднай 500 мүнүүтэлээх анимация контена оҥоһулунна. Олохтоох анимационнай устуудьуйалар ойуулуктара сыллата хаачыстыбалаах уонна ирдэниллэр буолан иһэрэ үөрдэр. Билигин «Тундра» устуудьуйа Саха анимациятын флагманын биирдэстэринэн буолар. Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин дириҥник өйдөөн, аан дойду таһымнаах хартыыналары айан таһаарар. «Таҥха»  ойуулук тахсыытын сотору кэминэн күүтэбит. Анимация бары сүгүрүйээччилэригэр бу чахчы күүтүүлээх түгэнинэн буолуо диэн эрэнэбин!», — диэн ТГ-ханаалыгар суруйар Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 января
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: