ВИДЕО: Ленскэй киинигэр хагдаҥ эһэлэр бэйдиэлээбиттэр

Share

Ленскэй олохтоохторо социальнай ситимнэринэн хагдаҥ эһэлэр куорат уулуссаларыгар бэйдиэ барбыттарын туһунан видео тарҕаттылар.

Ол курдук, икки тыатааҕыны «Северный» түөлбэҕэ уонна куорат киинигэр Долгое күөл аттыгар көрбүттэр (Заозёрная, Мииринэй, Сунтаар улууссаларга). Манна түөлбэ олохтоохторо олорор дьиэлэрин подъезтарын ааннарын хам кэлгийэн сабаллар диэн биллэрдилэр. Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа иһитиннэрбитинэн, бөлүүн 5 киһи саалаах «Карат» успуорт уораҕайын аттыгар таҕыспыттар.

Өскөтүн, тыатааҕыны соһуччу утары көрсө түстэххитинэ, төһө кыалларынан, уолуйуо суохтааххыт. ЫБММ бэлиэтииринэн, тыаҕа, суолга, нэһилиэктэн чугас сылдьан тыатааҕыны көрүстэххэ, тыаһы-ууһу таһааран, улаханнык хаһыытаан, төбө үрдүгэр, улаатан көстөр туһуттан, суумканы ууран, тыатааҕыны кыраҕыта сатыахтааххыт. Хайдах даҕаны куттаммыт, уолуйбут иһин, куотан туһата суох.

Видео: «Северный» түөлбэ бөлөҕүттэн

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago