Салгыы
ВИДЕО: Оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн Саина, Сергей Григорьевтар Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн ырыанан эҕэрдэлииллэр

ВИДЕО: Оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн Саина, Сергей Григорьевтар Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн ырыанан эҕэрдэлииллэр

07.03.2024, 17:57
Хаартыска: Валерия Харламова.
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ сэлиэнньэтин олохтоохторо, оҕо иитэр дьиэ кэргэн Саина, Сергей Григорьевтар Оҕо саас сылын сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан — сырдык, ыраас Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн элбэх оҕолоох ыалларга бэйэлэрин ырыанан эҕэрдэлэрин бэлэх ууналлар.   

Ыал ийэтэ Саина Егоровнаттан кылгастык ийэлээх аҕа ырыаҕы сыстыыларын, бырааһынньыгы хайдах атааралларын туһунан ыйыталаспыппар маннык кэпсээтэ: “Мин оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан ыллыыбын, үксүн туойабын, кылыһахтыҥы куоластаахпын. Кэргэним Сергей Сергеевич оскуоланы бүтэрэн баран ыллыыр буолбут. Нэһилиэкпитигэр ыытыллар кэнсиэрдэргэ кыттааччыбыт. Иккиэн бииргэ толорор бу эрэ ырыалаахпыт, уоннааҕыларын тус-туспа толоробут. “Сыл дьиэ кэргэнэ” куонкуруска кыттарбытыгар ыллаабыппыт.

Оҕолорбут эмиэ ыллыыллар, улахан уолбут Сима 7-с кылааска үөрэнэр сылыгар “Эн — сулускун” тэлэбиисэринэн бырайыакка кыттан турардаах. Ини-бии кыра уолаттарбыт эмиэ ыллыыллар, араас куонкурустарга кытталлар.

Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэригэр хас биирдии ыал курдук бары саба түһэн бырааһынньыктааҕы остуолу хайаан даҕаны тардабыт, бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэбит. Аҕабыт сыллата тутуһар биир үгэстээх – сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан кыргыттарыгар хайаан даҕаны сибэкки бэлэхтиир.

Сахабыт сирин бары кэрэ аҥардарын кэлэн иһэр сааскы бырааһынньыгынан биһиги дьиэ кэргэн аатыттан эҕэрдэлиибит. Кытаанах доруобуйаны, эйэлээх халлааны баҕарабыт”, — диэн эҕэрдэтин тириэрдэр.

Григорьевтар нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ биир киэн туттар ыала. Хас биирдии оҕону көрөн-истэн, бэрийэн, болҕомто ууран, хаһаайыстыбаларын көрөн хаһан быыс булан өрөөспүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор, тэрээһиннэргэ тиийэ кытталларын сөҕөбүт, киэн туттабыт. Биир үчүгэйэ диэн, ханна баҕарар — үлэҕэ, үөрэххэ, сынньалаҥҥа оҕолорун кытта өрүү бииргэ тутуспутунан сылдьар олоххо көхтөөх, кэрэни, үтүөнү бэлиэтии көрөр дьон.

+1
75
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: