Сахабыт сиригэр күммүт уота сылыйан, сандал сааспыт сандаарда. Кыһын тоҥон, иһийэн сыппыт сир-дойду ирэн, уһуктан, хаартан-муустан босхолонон, уу сыккырыыр, чалбах тахсар, ньургуһун үүнэр кэмэ тиийэн кэллэ.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуодатыгар тоҥ буору тобулу үүнэн ньургуһун сибэкки үүннэ.
Бэҕэһээ, муус сутар 22 күнүгэр хойуу хаар ортотугар, ыал тиэргэнигэр ньургуһун үүнэн эрэрин, сиртэн балачча быкпытын туһунан Ороссолуода олохтооҕо видеоҕа устан ыыппыта. Ааптар быйыл хаар бөҕө түспүтүн бэлиэтээн туран, ону аахсыбакка, саас илдьитэ, туохтан даҕаны иҥнибэт, олоххо тардыһыылаах ньургуһун сибэкки үүммүтүн сөҕө-махтайа кэпсиир, көрдөрөр.
Кырдьык, быйыл хаарбыт даҕаны хойуу, ону-ол диэбэккэ, Саха сирин бастакы ньургуһуннара, сири-дойдуну киэргэтэн, тоҥ буору тобулан, сырдыкка тардыһан эрдэхтэрэ. Эспиэрдэр этэллэринэн, быйыл угут дьыл буолар, оттон норуот билгэтинэн, угут дьылга элбэх ньургуһун үүнэр.
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…
Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…
Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…