ВИДЕО. Оскуола үөрэнээччилэрэ байыастарга анаан собону кэнсиэрбэлээтилэр

Share

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Күндэйэтээҕи агро хайысхалаах оскуола үөрэнээччилэрэ байыастарга анаан собону кэнсиэрбэлээн бэлэмнээтилэр.

Байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмөнү хомуйар пууҥҥа күн ахсын наадалаах малы-салы, аһы-үөлү хомуйаллар. Бу сырыыга Күндэйэ агро хайысхалаах оскуола үөрэнээччилэрэ кэнсиэрбэлэммит собону 11 дьааһыкка уган аҕаллылар. Барытын бэйэлэрэ астаабыттар. Оҕолор балыктарын ыаллартан хомуйан, нэһилиэккэ муҥха тэрийэн, бэйэлэрэ астаан-үөллээн «Тускул» ХЭУо оҥорон таһаарар сыахха автоклав оһоххо буһардылар. Маннык үтүө бачыымы тутуһан, үлэлэрин салгыыр былааннаахтар. Оскуолаҕа иһинэн научнай үлэни тэрийэр уопсастыба аһыллан үлэлиир. Итиннэ оҕолор эти-үүтү чинчийэн, оҕуруот аһын үүнүүтүн көрөн-истэн, аны балыгы кэнсиэрбэлиэхпитин баҕарабыт диэн саҥа бырайыак үлэлэттилэр. Барыта 10 уол, 5 кыыс үөрэнэр кылаас оҕолоро байыаннай дьайыыга көмө буоларга турунан, күүскэ үлэлээн, барыта 105 киилэ ыйааһыннаах 188 устуука балык кэнсиэрбэтэ бэлэмнэннэ. Бу туһунан Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

Күндэйэтээҕи агро хайысхалаах оскуола эбии үөрэхтээһинин маастара Юлия Дьяконова сиһилии кэпсиир:

«Бастаан оҕолорго тыл көхөхпүппэр бары сэргэхсийэ түстүлэр. Бары үлэлиибит диэтилэр уонна саҕалаан киирэн бардыбыт. Бөһүөлэги биир гына сүүрэ сылдьан оҕолорбут собо хомуйдулар, төрөппүттэр үөрэ-көтө балыктары ыраастан биэрдилэр. Онтон оҕолорбут балык кэнсиэрбэтин хаалаатылар. Манна «Тускул» ХЭУо  барытын буһарда уонна бэлэмнээн биэрдэ. Нэһилиэгинэн бүттүүн үлэ ыытылынна».

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар бэриллэр төлөбүр суумата үрдээтэ

Элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар төлөбүр суумата 200 тыһыынчаттан 300 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбит.…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ОРВИ уонна грипп ыарыыта нэдиэлэҕэ 24%-нан элбээтэ

Саха сиригэр ОРВИ уонна грипп ыарыыта нэдиэлэ устата 24%-нан элбээтэ. 8,8 тыһыынчаттан тахса саҥа түбэлтэлэр…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүү дьахталлара Дьахтар күнүн көрсө пуорум тэрийдилэр

Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл Саха сирин үлэһит дьахталларын сийиэһин 100 сылыгар анаммыт  дьахталлар пуорумнара буолан…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ Гаврил Иосифович Чиряев төрөөбүтэ 100 сааһыгар бэлэмнэнэр

Быйыл Саха сирэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, ССКП Саха сиринээҕи обкомун бастакы сэкирэтээрэ, Ленин уордьанын, Үлэ…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу тугуй? Ким билэр?

Өлүөхүмэ улууһугар командировкаҕа бара сылдьан биир сэлиэнньэ кулуубун дьоҕус долбууругар эспэнээттэр быыстарыгар турар мас иһити…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олунньуга 767 оҕо төрөөтө

Саха сиригэр олунньуга 767 оҕо: 414 уол уонна 353 кыыс төрөөтө.  ЗАГС управлениета иһитиннэрбитинэн, олунньуга…

59 минут ago