Бу күннэргэ Саха каталогын иккис туома күн сирин көрдө. Бу таһаарыы Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананна. Каталогка 100-кэ маастар туһунан кылгас иһитиннэрии уонна кинилэр үлэлэрэ киирдилэр. Бу кинигэҕэ ювелирдар, тимир уустара, мас уустара, туоһунан, сиэлинэн, кылынан дьарыктанар маастардар киирдилэр. Кинигэни хомуйан оҥордо ХИФУ фольклорга уонна култуураҕа кафедратын доцена, историческай наука кандидата Светлана Петрова-Уран Хатыҥ. Бырайыак ааптара Анетта Егорова.
Кинигэ икки тылынан бэчээттэннэ. Каталог ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар, ол иһигэр устудьуоннарга, тарбахтарыгар талааннаах иистэнньэҥнэргэ, культурологтарга, искусствоведтарга, саха норуотун уус-уран култууратын билиҥҥи туругун чинчийээччилэргэ, мусуой үлэһиттэригэр уо.д.а. анаммытынан улахан уус-уран сыаннастаах.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…