ВИДЕО: Саха ырыаһыта Людмила Зыкина аатынан ансаамбыл доҕуһуолунан ыллаата
Алтынньы 1 күнүгэр, Муусука аан дойдутааҕы күнүгэр, “Хотугу дьүкээбил” XIV норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика мусукаалынай бэстибээлигэр дойдуга биир саамай киэҥник биллэр Людмила Зыкина аатынан “Арассыыйа” судаарыстыбаннай академическай норуодунай ансаамбыла Дьокуускайга кэлэн кэнсиэртээтэ.
Ансаамбыл салайааччылара кэнсиэртии кэлиэхтэрин иннинэ Саха сирин судаарыстыбаннай филармониятыттан сахалыы биллэр ырыаны толордоххутуна, биһиги оонньуо этибит диэн көрдөһүүлэрин тириэрдибиттэрэ.
Людмила Зыкина төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кэнсиэркэ Саха сирин филармониятын симфоническай хора, солистар Ирина Крутова, Илья Хардиков, Алексей Солдатов, Дмитрий Никифоров уонна Петр Попов ыллаатылар.
Кинилэртэн тенор куоластаах Петр Попов Аркадий Алексеев тылларыгар “Күөрэгэйдиин көрсүһүү» ырыатын толорон, эдэр ырыаһыт ыалдьыттар да, көрөөччүлэр да биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Петя Попов:
“Улуу ырыаһыт Людмила Зыкина аатын сүгэр ансаамбыл доҕуһуолунан ыллаан улахан дуоһуйууну ыллым. Чуолаан сахалыы дорҕоон, ырыа аатырбыт ансаамбыл доҕуһуолунан уратытык, кэрэтик иһилиннэ. Ансаамбыл кыттыылаахтара сахалыы ырыаны сөбүлээн биир тыынынан оонньоотулар. Кэнсиэргэ бу ырыаны филармония хорун салайааччыта Людмила Шумилова дирижердаата”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Нам улууһун Түбэ нэһилиэгиттэн төрүттээх Петя Попову биһиги “Дьиктилэр хонуулара” биэриигэ кыттыбытынан эмиэ билэбит. Кини бэйэтэ историк үөрэхтээх, ону сэргэ мусукаалынай кэллиэһи бүтэрбитэ, билигин Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар. Петяҕа инникитин да ситиһиилэри баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: