ВИДЕО: «Саһыл Сыһыы» комплекска биир күн…
Амма улууһун Абаҕатыгар «Саһыл Сыһыы» комплексы саҥарда, эбии өйдөбүнньүктэри тута сылдьаллар.
Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа гражданскай сэрии бүтэһик кыргыһыыта Аммаҕа, Абаҕа сиригэр-уотугар буолбута биллэр. 1923 сыллаахха Абаҕа нэһилиэгэр баар Саһыл Сыһыы алааһыгар 18 күннээх өстөөх төгүрүйүүтүгэр, Иван Яковлевич
Строд хамандыырдаах кыһыл этэрээтэ кыайыылаах тахсыбыта. Бу историческай суолталаах сир урут-уруккуттан дьон-сэргэ интэриэһин тардар.
Баһылык Макар Тимофеев этэринэн, үлэ тохсунньуга түмүктэниэҕэ. Саһыл Сыһыыга, историческай суолталаах сиргэ үлэ Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Абаҕа нэһилиэгэ төрүттэммитэ 250 сылларын чэрчитинэн ыытыллар. Комплексы саҥардыыга экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолар, кини көмөтүнэн Абаҕа нэһилиэгэр врачебнай амбулатория уонна оскуола-сад үлэҕэ киириэхтээх.
Бу күһүн Саһыл Сыһыыга Абаҕа нэһилиэгин олохтоохторо уонна дьаһалтата көхтөөхтүк субуотунньуктаатылар. Итиэннэ тэрээһиҥҥэ
Амма улууһунааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ С.Л. Александрова уонна Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы С.В. Борисова кыттыбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: