Салгыы
Видео: Сунтаар оҕото — «Ералаш» киинэ-сурунаалга

Видео: Сунтаар оҕото — «Ералаш» киинэ-сурунаалга

02.06.2023, 09:30
Хаартыска: @suntaar_ulus
Бөлөххө киир:

Киин тэлэбиидэнньэнэн номнуо уонунан сыллар тухары көстөр  «Ералаш» диэн күлүүлээх  тэттик киинэлэри  кыралыын-улаханныын сөбүлээн көрөбүт. Бу киинэ-сурунаалга  Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй-интэринээт сэттис кылааһын үөрэнээччитэ Давид Зорин номнуо үсүһүн уһулунна.

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Давид Зорин  улахан сүүмэрдээһини ааһан, «Ералаш» киинэ-сурунаалга оонньообут.  Ол курдук Давиды Сочи куоракка «Шаг в будущее» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ  кытта сырыттаҕына биллиилээх кинематографтар бэлиэтии көрөннөр, киинэ-сурунаалга уһулларга ыҥырбыттар.  Давид үс киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут.

@suntaar_ulus

Давид кыра эрдэҕиттэн науканы уонна бэлиитикэни интэриэһиргиир буолан, улааттаҕына дипломат буолар ыра санаалаах.  Маны таһынан физиканы, биологияны сөбүлүүрүн таһынан, омук тылынан холкутук кэпсэтэр.

@suntaar_ulus

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: