Киин тэлэбиидэнньэнэн номнуо уонунан сыллар тухары көстөр «Ералаш» диэн күлүүлээх тэттик киинэлэри кыралыын-улаханныын сөбүлээн көрөбүт. Бу киинэ-сурунаалга Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй-интэринээт сэттис кылааһын үөрэнээччитэ Давид Зорин номнуо үсүһүн уһулунна.
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Давид Зорин улахан сүүмэрдээһини ааһан, «Ералаш» киинэ-сурунаалга оонньообут. Ол курдук Давиды Сочи куоракка «Шаг в будущее» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытта сырыттаҕына биллиилээх кинематографтар бэлиэтии көрөннөр, киинэ-сурунаалга уһулларга ыҥырбыттар. Давид үс киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут.
Давид кыра эрдэҕиттэн науканы уонна бэлиитикэни интэриэһиргиир буолан, улааттаҕына дипломат буолар ыра санаалаах. Маны таһынан физиканы, биологияны сөбүлүүрүн таһынан, омук тылынан холкутук кэпсэтэр.
@suntaar_ulus
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…