Салгыы
ВИДЕО: Сунтаардар тупсаҕай оҥоһуулаах болуоссаттаннылар

ВИДЕО: Сунтаардар тупсаҕай оҥоһуулаах болуоссаттаннылар

Ааптар:
02.12.2022, 08:30
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, Сунтаар сэлиэнньэтигэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар»  бэстибээл иитинэн, саҥардыллан  оҥоһуллубут В.И. Ленин болуоссата үөрүүлээх быһыыга-майгыга  аһылынна.

Киин болуоссакка  үгүс киһи тоҕуоруста. Кэлбит дьоҥҥо эҕэрдэ тылларын улуус баһылыга  Анатолий Григорьев уонна Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга  Эдуард Филиппов эттилэр.
Бу күн сунтаардар уһуннук күүппүт-кэтэспит түгэннэрэ буолла. Ол курдук, В.И. Ленин аатынан киин болуоссаттара  оҥоһуллан, силигэ ситтэ. Саҥардыы үлэтэ  «Формирование комфортной городской среды» эрэгийиэннээҕи бырайыак иитинэн ыытылынна.

Ол курдук, ааспыт сылга, муус устар  26 күнүттэн ыам ыйын  30  күнүгэр диэри дойду үрдүнэн уопсастыбаннай территориялары талыыга онлайн-куоластааһын ыытыллыбыта. Талыллыбыт бырайыактар федеральнай үбүлээһин суотугар олоххо киллэрилиннилэр.  Саха сирэ 13  нэһилиэнньэлээх пууннар бырайыактарын киллэрбитэ.

Сэлиэнньэ баһылыга  Эдуард Филиппов:  «Бары сомоҕолоһон сыалбытын ситтибит. Куоластааһыҥҥа Сунтаар олохтоохторо эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ үгүс дьоно кыттыбыттара.  Салгыы улуус салалтата итиэннэ нэһилиэк дьаһалтатын исписэлиистэрин, Архитектура уонна куораттары тутуу управлениетын бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр, бу бырайыак олоххо киирдэ», — диэтэ.

Болуоссат «Эйгэ» архитектурнай бюро бырайыагынан оҥоһулунна.  Бэдэрээтчит «ВИД» ХЭУо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: