ВИДЕО: Сунтаарга ураты, сэдэх көтөрдөрү көрбүттэр
Социальнай ситимнэргэ Бүлүү өрүскэ уста сылдьар дьикти көтөрдөрү устубут видео тарҕанна. Бу туох көтөрдөрөй?
Видеону Сунтаар улууһугар устубуттар. «Кубалар буолбатахтар. Туох дьикти хаастарай? Моонньуларын кэннэ харалаах», — диэн устубут киһи саҥарар.
Бу хайа хаастара эбит. Саха сиригэр олорботтор, уйаламматтар. Бэрт дэҥҥэ охсуллан ааһыахтарын сөп.
РАН Сибиирдээҕи салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун орнитологтара «Охота и рыбалка в Якутии» телеграм-ханаалга суруйбуттарынан, бу көтөрдөрү ити сиргэ аан бастаан 2008 сыллаахха көрбүттэр. Уйаламмат эрээри, иккистээн чопчу биир сиргэ кэлбиттэрэ дьикти эбит.
Хайа хааһа Тянь-Шань, Памир хайаларыгар, Тываҕа уонна Алтаай соҕурууҥҥу-илиҥҥи өттүгэр хайа өрүстэрин хочолоругар олохсуйар. Сороҕор Телецкэй күөлгэ, Абакан өрүскэ, Таймыырга, Красноярскай кыраайга уонна Уһук Илиҥҥэ көстөн ааһар. Индияҕа кыстыыр. Бу хайа хааһын ахсаана аҕыйах.
Хайа хааһа хайа өрүстэрин туруору кытылларыгар, таас очуостарга, сэдэхтик маска уйаланар. Бу көтөр үксүн сиринэн хаама сылдьан оту, силиһи сиир, күөллэргэ үөнү, балык ыаматын тутан эбинэр. Түргэнник сүүрэр.
Ол эрээри бу саамай үөһээнэн көтөр көтөрдөртөн биирдэстэрэ буолар. Гималай хайаларыгар 10 тыһыынча миэтэрэ үрдүктээх сиринэн көтөн иһэллэрин бэлиэтээбиттэрэ. Бу бачча үрдүккэ салгын тиийбэт, оннооҕор, бөртөлүөт көппөт. Оттон хайа хаастара Эверест үрдүнэн сылга иккитэ көтөн ааһаллар. Индияттан төрүү-ууһуу диэн хоту диэки көтөллөр.
Олус тымныы, күүстээх тыаллаах, салгына суох хайалары туоруурга кини этэ-сиинэ уларыйбыт (мутация) эбит. Онон көннөрү көтөр буолбатах. Хаастар тыҥалара эбии мөһөөччүктээх буолар, онон кислород хааҥҥа иккитэ киирэр эбит, оттон бу хайа хаастарын тыҥалара өссө элбэх тымырдаах буолан, кислород хааҥҥа үс төгүл элбэхтик киирэр.
Сүрэҕэ эмиэ элбэх тымырдаах буолан, өссө күүскэ үлэлиир. Былчыҥнара эмиэ атыннык үлэлииллэр — кини хайаҕа тыалга уйдаран көтөр кыаҕа суох, кынаттарынан сапсынарыгар тиийэр. Ханнык баҕарар кыыл килиэккэтигэр митохондриялаах — бу балар кислороду ылан, эниэргийэҕэ кубулуталлар. Хайа хаастарыгар мтохондриялара килиэккэ хаҕар олус чугас, сыста сылдьаллар, ол эбэтэр, эниэргийэни түргэнник оҥорон, былчыҥнарга тиэрдэллэр.
Аны туран, хааныгар гемоглобин үлэлииригэр эмиэ уларыйыы барбыт. Онон киһи өлөр усулуобуйатыгар бу хаас 8-9 чааһы быһа көтөр, хамсанар. Бу көтөр кэмигэр кини уорганнарын үлэлэрэ бытаарар — аһаабат, аһы буһарарга эниэргийэтин бараабат, күүһү-уоҕу урут мунньуммут саппааһыттан ылар. Эниэргийэтин бүтүннүү тыынарга уонна сапсынарга эрэ ыытар.
Маны тэҥэ, хайаны туоруур кэмнэригэр хаастар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөр. Бастакы салгыны хайытан көтөр хаас сылайдаҕына, солбуһан иһэллэр. Онон бу ураты, дьикти көтөр буолар.
Интэриэһинэйэ диэн, аан бастаан сымыыттаабыт хаас сороҕор сымыытын төрөппүттэрин уйаларыгар уган биэриэн сөп үһү. «Сиэҥҥитин бэйэҕит көрүҥ» диэн буолар дуу?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: