Билэҕит, Сунтаарга квадроцикл диэн эр дьон бултка туттар тимир көлөтө Күүкэйгэ уонна Сунтаарга оҥоһуллан тахсарын?
Мин билэрбинэн, күүкэйдэр «Боотур» диэн ааттаан көлөнү таҥан оҥорбуттара ыраатта. Онтон Сунтаарга урбаанньыт Геннадий Васильев 2019 сыллаахха бастаан бэйэтигэр «Сунтаар» диэн ааттаах квадроциклы оҥостон сүүрдүбүт. Бу дьыалатыгар төһүү киһинэн күтүөтэ Алексей Захаров буолан, «киһи сатаабатаҕын тоҕо сатыа суохпутуй». диэн күүстээх санааны ылынан номнуо 50-с үбүлүөйдээх квадроциклы оҥоро сылдьалларыгар түбэстим. Аны бу көлө 2021 сыллаахха ПСМ туоһу сурук ылан, Сунтаар улууһуттан бэйэ оҥорон таһаарар докумуоннаах бастакы тимир көлөтө буолар. Бастакы оҥоһуктарын Үөһээ Бүлүү киһитэ манаан туран атыылаһан барбыт, билигин ол көлө Өлөөҥҥө бэркэ сүүрэ сылдьар үһү.
Аны тимир көлө «Сунтаар» диэн аатын кэлин Саха сирин араас муннуктарыттан сакаастаан, ылан барбыттарыгар тустаах дьоҥҥо улуустаһыынан күөмчүлээһин курдук буолуо диэн өссө тупсаран «ДохСун» диэн ааттаабыттар (син биир Сунтаарбыт аата ааттана, Аар Баҕах сэргэтэ дьаралыга буола сылдьара үөрдэр). Билигин бу көлө тула Алексей Захаров уолаттарынаан, Геннадий буолан дьарыгыран сакаастара олус элбэх, хаачыстыбата бэрдин билэн биир дьиэ кэргэн үс квадроциклы сакаастаабыт да түгэнэ баар. Бу соторунан 50-с үбүлүөйдээх тэрил Элгээйи эр хоһуунугар айан тутуоҕа. Уолаттар маладьыастар!
Хата сакаастыаххытын баҕардаххытына бу төлөпүөн нүөмэринэн билсиэххитин сөп: +79142787828.
Мария Кобельянова
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…