Видео: «Сылгыһыттар ыллыыллар» – сыспай сиэллээххэ сүгүрүйүү
Саха сиригэр сыспай сиэллээҕи тэнитэр туһугар кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар күннэтэ сыралаһар, ис сүрэхтэриттэн бэриниилээхтик үлэлиир дьонунан сылгыһыттар буолаллар.
Кулун тутар 21 күнүгэр А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Сылгыһыт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр сарсыардаттан ыытылыннылар.
Түмүктүүр тэрээһининэн норуоттан тахсыбыт талааннар, ырыа куттаах сылгыһыттар «Сылгыһыттар ыллыыллар» диэн түһүлгэлэрэ буолла.
Кэнсиэр түһүлгэтин иилээн-саҕалаан ыыппыт Алексей Константинов удьуор сылгыһыт, экстремал-айанньыт Дугуйдан Винокуровы үрдүк сыанаҕа ыҥырда. Саха атын аан дойдуга аатырдыбыт Дугуйдан тыа сирин хоһуун сылгыһыттарыгар чэгиэн туругу, чөл олоҕу баҕарда уонна сыыдам сырыылаах Дьөһөгөй оҕотун тэнитэ, ууһата сылдьалларыгар махтанна.
«Сылгыһыттар ыллыыллар» кэнсиэр «Айархаан» этно-бөлөх «Дьөһөгөй Айыы» хомуска композициятынан саҕаланна.
Саханы саха дэппит сылгынан удьуордаан дьарыктанар, сыспай сиэллээх дэлэйэрин туһугар, тыа хаһаайыстыба сайдарыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьар дьон өрөспүүбүлүкэҕэ үгүстэр. Кинилэр сылгыһыт эрэ буолбакка, өссө ырыаһыт ылбаҕайа, тойуксут туйгуна буолалларынан, ыраахтан-чугастан Туймаада хочотун биир үрдүк сыанатыгар ыллыы-туойа кэлбиттэр. Ол курдук, Үөһээ Бүлүүттэн анаан-минээн ылбаҕай ырыатын бэлэхтии кэлбит сылгыһыт Михаил Спиридонов «Биһиги сахалар» уонна «Лучший город земли» ырыалары толорбутугар көрөөччүлэр өргө диэри сыанаттан ыыппатылар. Ону сэргэ Уус Алдан улууһуттан Николай Колодезников, Дьокуускайтан Александр Созонов, Тулагыттан Иван Федоров чахчы да ырыа куттаах дьон эбиттэр.
Саха оҕуһун мииннэ да суол ырыатын ыллыыра, атын мииннэ да айан ырыатын тардара. Ол да иһин, дэгэлдьитэр дэгэрэҥ ырыа үөскээн, тэнийэн кэллэҕэ. Биир итинник дэгэрэҥ ырыатын СӨ үөрэҕиритиин туйгуна, Христофор Максимов пуондатын «Киристэпиэл биһирэбилэ» үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Николай Протасов бэлэхтээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Любовь Константинова-Кыталы Куо салайааччылаах «Саһарҕа» этно-ырыа ансаамбыла, Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин «Толомон» фольклор ансаамбыла (сал. Галина Лыткина) норуот ырыаларын толордулар.
Дьоро киэһэ талааннаах ырыаһыт Айаал Кириллин-Күндэл тэтимнээх, күүстээх ырыаларынан түмүктэннэ.
Сылгыһыттарга аналлаах үтүө түһүлгэни Дьокуускайдааҕы Айыы кыһата национальнай гимназия «Сандал» норуодунай үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Сардаана Катакова), «Ситим» норуодунай үҥкүү ансаамбыла (сал.Надежда Попова), аан дойдутааҕы бэстибээллэр лауреаттара, дипломаннара «Алаас кыргыттара» (сал. Елена Прокопьева), «Уран» (сал. Ньургун Индеев) сыспай сиэллээххэ аналлаах үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.
1,5 чаастаах кэнсиэр былаһын тухары улахан экраҥҥа дьөһөгөйгө аналлаах хаартыскалар, видеолар көрдөрүллэ турбуттара кэнсиэр ис хоһоонун өссө дириҥэтэн биэрдэ.
«Арчы дьиэтэ» духуобунас киинэ тэрийбит «Сылгыһыттар ыллыыллар» кэнсиэрин көрөөччүлэр Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйүү быһыытынан ылынан, үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: