Видеоттан скриншот
Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн чугас тыатааҕы сылдьарын көрбүттэрин туһунан видео социальнай ситимҥэ тарҕанна. Биһиги нэһилиэк баһылыга Александр Афанасьевич Винокуровка сибээскэ таҕыстыбыт:
— Биһиги дойдубутугар кыыл-сүөл элбэх. Тыатааҕы туһунан этэр буоллахха, тыатааҕыны бултаһар кэм. Тыатааҕы суола аһыллан барар-кэлэр. Элбэх улахан үрэхтэрдээхпит. Онон улахан кыыл-сүөл ааһар, сайылыктарын булар кэмэ буолан ити кэмҥэ дьон-сэргэ көрөр. Күөх ситтэҕинэ кыыл кэлэн сылгыны, ынаҕы тутуон сөп. Оччотугар лиссиэнсийэ ылан тоһуур охсон булчуттар бултааччылар. Тыатааҕы суолга көстөн кэлээччигэ-барааччыга кутталынан суоһуур кэмнэрэ урут буолуталыыллара. Бу видеоҕа көстөр тыатааҕыны көрбүт сирдэрэ сайынын оттонор сайылык сир буолар. Нэһилиэктэн чугас сытар. Всеволод Ионов олорбут өтөҕөр, Андросова-Ионова эргэ тахсыбыт сайылыга дэнэр. Билигин ааһар кэмнэрэ буолан улахан кутталынан суоһуу илик. Онон билиҥҥитэ миэрэ ыла иликпит.
Бүлүү улууһун урбаанньыттара элбэх оҕолоох ыалларга, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарар…
Ахсынньы 28 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 22:18 чааска «Восточнай» космодромтан «Союз-2.1б» аракыата көтөн, тобохторо Саха сирин…
Дьокуускай куоракка оперативниктар таҥаһы-сабы атыылыыр туһунан сымыйа биллэриини таһааран түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар киһини туттулар. Ол курдук…
Ахсынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар киирэр кэрэ-бэлиэ түгэн үүннэ. Ол эбэтэр Үөһээ…
Саха сирин амарах, үтүө санаалаах дьоно тиһигин быспакка анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар биир…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…