ВИДЕО: Төрөөбүт тылга аналлаах төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи сугулааннарыгар алгысчыт Кулан Хаан Байаҕантай тыл эттэ
Тоҕо саха тылын үөрэтиэхтээхпит? Төрөөбүт тыл киһиэхэ туох суолталааҕый? Бу ыйытыыларга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр буолан ааспыт “Оҕо ийэ тылынан тылланыыта – омукпут тыын соруга” төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис сугулааннарыгар алгысчыт Кулан Хаан Байаҕантай хоруйдаата.
Түһүлгэ үс хайысханан үлэлээтэ. “Төрөөбүт тыл – киһи олоҕун оҥостор сүрүн күүһэ” диэн “төгүрүк остуолга” ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан алгысчыт Кулан Хаан Байаҕантай кытынна. Саалаҕа олорор миэстэ көстүбэт элбэх киһи муһунна. Сүрүн мунньахха эппит тылын төрөппүттэр иһийэн олорон иһиттилэр. “Саха тыла – ис турук тыла. Атын омуктар маны билэн эрэллэр. Инньэ гынан, саха тылын дьиктиргээн, кэрэхсээн үөрэтэ сатыыллар”, — диэн кини этэр. Тойон мунньахха тыл этиититтэн сүрүн өттүн манна видеоҕа көр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: