ВИДЕО. Уус Алдаҥҥа күөлгэ устар дьикти арыылары видеоҕа уһулан тарҕаттылар

Share

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо күөлгэ устар арыылар ураты көстүүлэрин видеоҕа уһулан социальнай ситимнэринэн тарҕаттылар.

Олохтоох Александр Румянцев СИА-ҕа кэпсээбитинэн, дьикти көстүүлээх күөл Илимиттэ диэн ааттанар уонна Чүүйэ хайалара сириттэн  Алдан өрүстэн 18-20 км тэйиччи сытар.

«Урут манна «Үүнэр олох» холкуос баара, онно биһиги эһэлэрбит уонна эбэлэрбит олорон эрэ үлэлээбиттэрэ. 60-70- с сылларга кинилэр Өспөххө көспүттэрэ. Онон хас сайын аайы биһиги дьиэ кэргэнинэн уонна аймахтарбытын кытта манна кэлэн сынньанабыт.

Хаартыска: Марина Румянцева

Быйыл оҕолорбут видеоҕа күөлгэ устар арыылары устубуттара, хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Дьиҥэр, күөлгэ бу арыылар мэлдьи бааллара. Мин хос эһэм Иосиф Румянцев холкуос кэмигэр бу арыыларга тахсан илиинэн от охсор буолара. Бу арыылар ньуура олус кытаанах уонна киһини уйар. Быйыл ким да боруобалаабата», — диир Александр Румянцев. РАН Криолитозона биология проблемаларын институтугар быһаарбыттарынан, күөлгэ устар арыылар — үүнээйилэр силистэрэ силбэһиилэрин түмүгэ.

«Үүнээйилэр силистэрэ силбэһэн, уу ньуурун үрдүгэр устар арыылар үөскүүллэр. Бу дьикти айылҕа көстүүтэ буолбатах, чахчытыгар күөл уута аҕыйыырын уонна бадарааҥҥа кубулуйарын туоһулуур», — диэн кэпсээтэ гербарий сэбиэдиссэйэ Надежда Сосина.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
1
+1
3
+1
6
+1
0
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

6 часов ago