Салгыы
ВИДЕО: Василий Сорокин Эдьигээн улууһугар отчуот түмүктэрин үллэһиннэ

ВИДЕО: Василий Сорокин Эдьигээн улууһугар отчуот түмүктэрин үллэһиннэ

26.02.2024, 13:00
Хаартыска: ааптар
Бөлөххө киир:

Эдьигээн улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота олунньу 15-19 күннэригэр элбэх киһилээх, түмүктээх кэпсэтиилэрдээх  ааста.Отчуот ыытыллыбыт Эдьигээн, Кыстатыам, Баахынай уонна Бэстээх сэлиэнньэлэрин олохтоохторо: «Хата, эһиги кэлэҥҥит олус сэргэхсийдибит. Үрдүкү былааспыт ситиһиилэриттэн тэҥҥэ үөрдүбүт, бэйэбит да кыһалҕалаах боппуруостарбытын быһаартаран уонна инникитин дьүүллэһиигэ киллэртэрэн эрэлбит күүһүрдэ», -– диэн эттилэр.

Отчуот бүтэһик күнүгэр быыс булан, 2021 сылтан  Эдьигээн улууһун баһылыгынан талыллан үлэлиир Василий Николаевич Сорокины кытары сэһэргэһэн ыллым.

-СӨ ситэриилээх былааһын сыллааҕы отчуотугар нэһилиэнньэ, үгэс курдук, туһааннаах  боппуруостарын туруоруста, 2023 сыллаах  отчуоту  биһириирин биллэрдэ.

Үөрэрбит диэн,  былырыыҥҥы отчуокка  23 боппуруоһу туруорбут буоллахпытына, сэттэтэ хайыы үйэ олоххо киллэрилиннэ, 10-ча боппуруоһа үөрэтиллэ сылдьар. Ханнык да бырагыраамаҕа хапсыбатынан эбэтэр үп-харчы кырыымчыгынан билиҥҥитэ кыаллыбат боппуруостар эмиэ бааллар. Ол эрэн, өссө төгүл тоһоҕолоон эттэхпинэ, бары үөрэтиллэллэр, умнууга хаалбаттар. Ол туоһутунан отчуот иннинэ Ил Дархаммыт   Айсен Николаев  Эдьигээн улууһугар кэлэ сылдьыбытыгар  үс боппуруоһу туруорбуппутун барытын уталыппакка быһаарбыта буолар. Айсен Сергеевич Саха сирин арҕаа-хоту оройуоннара тэтимнээхтик  сайдан эрэллэрин бэлиэтээбитэ.  «Бырабыыталыстыба, Ил Дархан хоруйу түргэнник биэрэн, тэтимнээхтик үлэлииллэр», -– диэн бэйэм салайааччыларбар холобур оҥоробун.

Быйылгы отчуокка СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников кэлбитэ олус үчүгэй. Дмитрий Дмитриевич барытын сиһилии көрөн-истэн баран, кэккэ кыһалҕаларга «көмөлөһүөм, туруорсуом» диэн эппитигэр эрэнэ хааллыбыт. Кэнники сылларга   бырабыыталыстыба өттүттэн болҕомто ууруллан, түргэн интэриниэт ситимэ тардылынна, икки улахан эбийиэкпит: Култуура киинэ уонна биир дойдулаахпыт Роман Дмитриев аатынан элбэх хайысхалаах успуорт саалата  быйыл үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ.

Эдьигээн сэлиэнньэтэ аҕыс сыл кулууба суох олордо. Ону ол диэбэккэ, култуура салаата, култуура үлэһиттэрэ  дьиэбит суох диэн олорон хаалбатылар. Элбэх тэрээһини ыытан,  үлэ күөстүү оргуйда, дьоннорун-сэргэлэрин да сэргэхситтилэр, — диэн Василий Николаевич кэпсээтэ.

Манна диэн эттэххэ, успуорт саалатын туруорсуу, тутуутун саҕалааһын устуоруйалаах эбит. Василий Сорокин Эдьигээн нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии сылдьан, сыл аайы Арассыыйаҕа ыытыллар “Спортивная держава” пуорум биэриитигэр дойду баһылыга хас биирдии нэһилиэк успуорка улахан саалалаах буолуохтаах диэбитин истэннэр, быһаччы Владимир Путиҥҥа суруйбуттар. Харда сурук 3 күнүнэн тиийэн кэлбит…

-Табаһыттарбыт Эдьигээҥҥэ уонна  уонна Кыстатыамҥа 300-400 килэмиэтир ыраах учаастактарга бааллар. Онно буранынан эрэ сылдьаллар. Былырыын таба ахсаанын элбэтээри, хаан уларытаары Эбээн Бытантайтан 500 табаны аҕалбыппыт. Элбэх хаардаах буолан, ыарахан усулуобуйаҕа икки ыйы быһа айаннаан кэлбиттэрэ. Урут СХПК 22 общинаны тутан олорбута, кэлин  сорохтор ити хаһаайыстыбаттан тахсыбыттара, билигин икки общиналаахпыт.

Табаһыттарбытын  өйөөн, көҕүлээн, быйыл табаһыттар сүлүөттэрин ыытаары сылдьабыт, — диэн улуус баһылыга чугастааҕы былааннарыттан үллэһиннэ.

Василий Николаевич төрөөбүт-үөскээбит улууһа биллэр-көстөр, киэн туттар дьонунан баайын астына бэлиэтиир.  Кинилэртэн биирдэстэрэ Мюнхеҥҥа уонна Монреальга буолбут олимпиадалар  чөмпүйүөннэрэ, призердара Роман Дмитриевкэ анаан испэктээк туруорбуттар. Кулун тутарга  Покровскайга, Дьокуускайга уонна Чурапчыга көрдөрүөхтээхтэр.  Роман Дмитриев оруолун Василий Сорокин бэйэтэ толорор.

Ити курдук, СӨ ситэриилээх былааһын отчуотун оробуочай бөлөҕө улуус бары нэһилиэктэригэр сылдьан уонна  биирдиилээн дьону кытары көрсөн баран, түмүккэ улуус салалтатын кытары киирбит  боппуруостары сиһилии дьүүллэстэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: