ВИДЕО: Үгүлээккэ «Сорсуннаах Эр Хоһуун күрэхтэһии» ыытылынна

Share

Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 390 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу чэрчитинэн, «Сорсуннаах Эр Хоһуун» диэн булчуттарга, балыксыттарга аналлаах бэртээхэй күрэхтэһии икки күн устата буолан ааста.

Ыраахтан-чугастан анаан-минээн күрэхтэһэ кэлбит эр бэртэрэ икки күн устата тура тэбинэн туран, аҕыс түһүмэхтээх күрэҕи аастылар. Балартан бэрт интэриэһинэйэ иккис күнүнээҕи көмүс хатырыктааҕынан аатырбыт Түҥ өрүскэ ыытыллыбыт илин-кэлин киирсиилэр буоллулар. Манна уолаттар балыгы күөгүлээн хаптарыыттан  саҕалаан араас эриэхэбэй ыйытыылаах викторинаҕа хоруйдаатылар, кулахачыйа эргийэр эрэһиинэ тыынан ким биэтэккэ түргэнник кэлэр эбит диэҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр уонна үрүсээктэригэр толору таһаҕас уктан баран, 40-тан тахса м үрдүктээх өрүс туруору сыырын ким урут дабайан тахсыыга куоталастылар. Дьэ бу олус өрө күүрүүлээктик буолан ааста.

Икки күннээх күрэхтэһии түмүгэ Үгүлээт үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһиҥҥэ биллэрилиннэ. Ол курдук, бастакы миэстэни «Сорсуннаах Эр хоһуун» аатын ыаллыы сытар I Күүлэттэн төрүттээх Эдуард Атаманов ылла, кини Түҥҥэ балыктааһын күрэҕэр күндү балыгынан  ааҕыллар 3 киилэлээх быйыты хаптаран үөрүүтэ үксээбитэ. Олохтоохтор ыалдьыты эбэ анаан-минээн  күндүлээтэ диэн тойоннообуттара. Иккис уонна үһүс миэстэлэри олохтоох уолаттар Александр Жучкин,  Алексей Спиридонов ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Бастакы миэстэлээх 100 тыһ. солк, иккиһи уонна үсүһү ылбыттар 50 тыһ солк. уонна 25 тыһ. солк наҕараадаланнылар. Ону тэҥэ, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар күрэстэспит уолаттарга барыларыгар анал сыаналаах бириистэрин туттартаатылар.  Онон күрэхтэһэ кэлбит эр хоһуун уолаттар бары өттүк харалаах, илии тутуурдаах тарҕастылар.

Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
Александр Тарасов хаартыската
What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago