Видео: Үс күннээх харчыны уорбут
10.09.2024, 12:50
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы полициятын 2-с нүөмэрдээх отделын дьуһуурунай чааһыгар дискаунтер-маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Ол курдук маҕаһыын каассатыттан үс күннээх харчыны — 70 тыһыынчаттан тахса солкуобайы уорбуттар.
Холуобунай ирдэбил суһал-ирдиир үлэлэрин түмүгэр, 20 саастаах уорбаланааччы тутуллубут.
Уорбаланааччы бу маҕаһыыҥҥа барменынан үлэлиир эбит. Онон, маҕаһыын күлүүһэ, күннээҕи киирэр харчы ханна уурулларын билэр эбит.
Быһылаан тахсар күнүгэр атыы-эргиэн дьиэтэ сабыллыбытын кэннэ төттөрү үлэтигэр кэлбит. Күлүүһү ылан киин аанынан киирбит. Итиэннэ каассаттан 71 тыһ. солк. уоран баран куоппут. Уорбут харчытын бэйэтин наадатыгар туттубут.
Билигин 20 саастаах куорат олохтооҕор РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 2 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: