ВИДЕО: Юлияна Кривошапкина -50С кыраадыс тымныыга хомуска оонньоото

Share

Аан дойдутааҕы хомусчут-виртуоз Юлияна Кривошапкина -50 кыраадыс тымныыга хомуска оонньоото.

«Маннык эспэримиэни ыытарым бастакы сырыым буолбатах. Аҕыйах сыл анараа өттүгэр -46° кыраадыс тымныыга хомуска эмиэ оонньообутум уонна өссө уустук экстремальнай усулуобуйаҕа оонньоон  холонорго интэриэһиргээбитим. Салгын температурата -50° кыраадыс тымныыга тиийэ түспүтүгэр соһуччу халлаан сырдыыта, тумаҥҥа, күн тахсарын көрсөргө быһаарыммытым. Туох да бэлэмэ суох этим да, баҕа санаам баһыйбыта. Видеоҕа уһулбут дьүөгэлэрбэр, Арыйаанаҕа уонна Аленаҕа, махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Баҕа санаабын олоххо киллэрбиппиттэн олус үөрэбин. Хомус тыаһа маннык усулуобуйаҕа атыннык иһиллэр», — диэн СИА-ҕа Юлияна Кривошапкина кэпсээтэ. Хомусчут бу эспэримиэни уопута суохтары хатылаабаттарыгар ыҥырда.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

10 часов ago